«Ленскэй-Пеледуй» кыһыҥҥы суол сабылынна

Саха сирин айан суолун управлениетын бирикээһинэн кулун тутар 30 күнүттэн «Ленскэй-Пеледуй» хайысханан кыһыҥҥы суол сабылынна. Бу дьаһал тиэхиникэ бары көрүҥэр сыһыаннаах.


Пеледуйка өрүһү туоруур уонна Лена эбэ хаҥас өттүгэр баар «Умнас» кэрчик суоллара нэһилиэнньэҕэ куттал суоһаабатыгар уонна суолга сэрэхтээх буолууга анаан сабылынна диэн транспорга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

This post was published on 31.03.2016 12:02 12:02