Ленскэй оройуонугар алтынньы 2-3 күннэригэр Лена өрүскэ Хамра нэһилиэгиттэн чугас икки булчуттаах кыра моторнай оҥочо түҥнэстибит. Саха сиринээҕи ЫБМ СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, биир эр киһи быыһаммыт. Иккиһэ сураҕа суох сүппүт.
«Алтынньы 3 күнүгэр олохтоох нэһилиэнньэ уонна аймах-билэ дьон көмөтүнэн сүппүт киһини көрдүүр үлэлэри ыыппыттар. Алтынньы 4 күнүттэн Ленскэй куораттан быыһааччылар бөлөхтөрө көрдөөн саҕалаабыттар, барыта 12 киһи бу үлэҕэ тардылынна», — диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи ЫБМ иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, алтынньы 3 күнүгэр үс киһилээх лодка Индигир өрүскэ Үрүҥ Хайаттан 50 км тэйиччи эргийбитэ. Икки киһи тыыннаах хаалбыта. Быһылаан кэмигэр Абый оройуонун прокурора Владимир Мухоплев өлбүтэ.
This post was published on 06.10.2022 15:03 15:03