Ленскэй оройуон дьаһалтата резервнэй пуондатыттан Дьааҥы улууһугар оскуола уонна оҕо саадын өрөмүөнүгэр үбү анаата. Биир мөлүйүөн солкуобай Боронук уһуйаанын уонна Суордаах орто оскуолатын суотугар түһэриллиэҕэ.
Социальнай тэрилтэлэр дьиэлэригэр ордук муоста сабыыта, истиэнэлэр уонна миэбэл эмсэҕэлээбиттэр. Билигин онно капитальнай өрөмүөн барар.
Ону таһынан, Ленскэй оройуон дьаһалтатыттан 300 тыһыынча солк. суумалаах көмө Саха сиринээҕи ис дьыала управлениетын полициятын майора Андрей Ощепков огдооботугар, Натор нэһилиэгин олохтооҕор ананна. Кини 2022 сыл от ыйын 22 күнүгэр Украинаҕа анал байыаннай операцияны ыытыыга сулууспалыы сылдьан ытык иэһин толорон өлбүтэ.
This post was published on 09.08.2022 12:01 12:01