Нам улууһун Ленскэй нэһилиэгэр Василий Крымков салайааччылаах оробуочай бөлөх 2024 сыл саҕаланыаҕыттан кулун тутар 20 күнүгэр диэри уулуссаҕа бэйдиэ сылдьар 37 ыты тутан анал миэстэҕэ киллэрдэ.
Биригээдэ туох баар ирдэбили тутуһар. Икки ыт стерилизацияланна, 12 – кастрацияланна, 14 – маркировкаланна уонна 23 ыт вакцинацияланна. 12 ыт хаһаайыныгар төннөрүллүбүт, икки ыт саҥа хаһаайыннаммыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ анал приютка 23 ыт баар.
Бөһүөлэккэ көрүүтэ-истиитэ суох ыттары бэрээдэктээһин үлэтэ ыытыллар. Олохтоох дьаһалта төрөппүттэр оҕолорун уһуйааннарыгар уонна алын кылаас оскуолатыгар арыаллаан сылдьарыгар сүбэлиир.
«Хаһаайыттар ыттаргытын босхо ыытымаҥ, баайыҥ! Эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыҥ!
Хаһаайыттар “Дьиэ кыылын иитиигэ ирдэбил” уонна “Кыылы эппиэтинэстээхтик иитии” быраабылалары тутуһаргытын, эппиэтинэс сүгэргитин умнумаҥ!», — диэн дьаһалта иһитиннэриитигэр суруллар.
Ыт дьону ытыран, дьоҥҥо саба түһэн доруобуйаларын айгыратар түгэнигэр, ыты бас билээччи административнай эппиэккэ тардыллыахтааҕын билиэхтээх, өйдүөхтээх. Хаһаайын ыты иитии Быраабылатын кэһэн, КоАП РФ 8.52 ыстатыйанан 5000 — 15 000 солк. диэри ыстырааптанар уонна бу сокуоҥҥа олоҕуран эмсэҕэлээбит киһиэхэ материальнай хоромньутун толуйар.
Ааптар: Харысхан Попов, Ленскэй нэһилиэк дьаһалтатын пресс-сулууспата.
This post was published on 21.03.2024 18:33 18:33