Дьокуускайга СӨ национальнай бибилэтиэкэтигэр «Блокадники Ленинграда в Якутии. Дети Блокады» хомуурунньугу билиһиннэрдилэр.
Хомуурунньук Улуу Кыайыы 75 сылыгар ананар. Манна Аҕа дойду уоттаах сэриитин сылларыгар Ленинград блокадатыгар түбэспиттэр, билигин Дьокуускай куоракка олорор дьон ахтыылара киллэрилиннилэр.
Сэрии сылларын оҕолоро, блокада кыттыылаахтара, уоттаах ыар сэрии сылларын, оонньооботох оҕо саастарын, дьылҕаларын хайдах баарынан кэпсииллэрэ ааҕааччыны уйадытар. Билигин Дьокуускайга олорор Ленинград блокадатын кыттыылаахтара, Ленинград блокадниктарын норуоттар икки ардыларынааҕы ассоциацияларын эрэгийиэннээҕи салаатын чилиэннэринэн буолаллар.
Хомуурунньук эдэр көлүөнэ уоттаах сэрии ыар сылларын, блокада кыттыылаахтарын туһунан умнубакка өйдүү-саныы сылдьалларыгар анаан таҕыста.
Хаартыскаларга Айталина АРГУНОВА түһэриитэ
© edersaas.ru сайтан
This post was published on 18.11.2019 12:25 12:25