Бүгүҥҥүттэн Дьокуускай куорат киин болуоссатыгар фонтан аттыгар каток оҥоро сылдьаллар. Кулун тутар саҥатыгар үлэҕэ киириэҕэ. Киириитэ босхо буолуоҕа.
Каток иэнэ 300 кв. м. Ыччат, дьиэ кэргэн бэлиитикэтин министиэристибэтин өйөөһүнүнэн, “Арена 31” диэн экстремальнай спорду, актуальнай ускуустубаны сайыннарар түмсүү көҕүлээбит.
Бу идиэйэни уруккуттан иитиэхтээбиттэр эбит. Түмсүүнү төрүттээбит Николай Мартынов этэринэн, уопсастыбаннай көҕүлээһин чэрчитинэн, үтүө санаа бырайыага олоххо киирэн эрэр.
“Куорат олохтоохторугар, ордук кырачаан оҕолорго дьоһун бэлэх буоларыттан олус үөрэбит. Катокка култуурунай уонна аһымал тэрээһиннэр, араас аахсыйалар буолуохтара. Оҕо дьиэлэрин, уопсастыбаннай түмсүүлэри, волонтердары кытары көхтөөхтүк үлэлиэхпит”, — диир кини.
Кэлэр нэдиэлэ саҥатыгар номнуо уунан кутан, тоҥоруохтара. Официальнай аһыллыыта быһа барыллаан кулун тутар 8 күнүгэр былааннанар.
Ленин болуоссатыгар сырылыыр сыыры көтүрбэтэхтэр эбит. Онон халлаан сылыйан, оҕо бөҕө сырылыыр. Аны болуоссакка хатыыскалыы кэлэр буолуохтара. Санатар буоллахха, Москва сүрүн болуоссаттарыгар эмиэ катоктар бааллар.
This post was published on 28.02.2018 17:35 17:35