Ленатааҕы холбоһуктаах өрүс пароходствотын суудуналарынан 1 мөл 612 тыһ туонна таһаҕас быйылгы навигацияҕа тириэрдилиннэ: 1187,3 тыһ туонна «сухогруз» уонна 424,6 тыһ туонна уматык.
2022 сыллааҕы былаан таһынан туолла, навигация түмүктэнэн эрэр. Уу айаныгар билигин 87 техника сылдьар – 65 сухогрузнай уонна 22 нефтеналивнай.
2022 сыл навигациятыгар ЛОРП 1 мөл 589 тыһ туонна таһаҕаһы тиэйэр-таһар туһунан былааннаабыта — 449 тыһ туонна нефтеналив уонна 1 мөл 140 тыһ сухогруз.
«Зея» теплоход Осетровоттан таһаҕастаах тахсан, Ленскэйгэ тириэрдэр соруктаах. Витимҥэ Дьокуускайга аҕалыллыахтаах маһы тиэнэллэр. Өлүөхүмэҕэ МП-2502 баржаттан олохтоох ОДьКХ туһаныытыгар чох сүөкэнэр, Солянкаҕа анаан теническай таһаҕас МП-2554 бааржаттан тиэйиллэр.
Солянкаҕа «Василий Гусев» теплоход МП-2567 баржанан пеноплекс уонна техническай таһаҕас тириэрдэн иһэр.
«СК-2034» Ленскэйгэ айанныыр, онно сүөкэнэ түһэн баран, Дьокуускайдыахтаах.
Сиһилии https://ysia.ru/lenskoe-parohodstvo-perevypolnilo-plan-po-dostavke-gruzov-v-navigatsiyu-2022-goda/
This post was published on 24.10.2022 13:31 13:31