"Лена" трасса 389 килэмиэтиригэр суол быраабылаларын кэтээн көрөр хаартыска-, видеокамера туруорулунна. СИА-ҕа суол управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. "Лена" федеральнайдааҕы трасса 389 килэмиэтиригэр сэрэтэр бэлиэлэр туруорулуннулар уонна массыына түргэнин 40 км\ч хааччахтааһын киллэрилиннэ. «Лена» трассаҕа барыта 10 камера баар, ол иһигэр сэттэтэ Саха сирин территориятыгар, үс — Амур уобалаһын сиригэр-уотугар.