Тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга от оттоон, хороҕор муостааҕы уонна сыспай сиэллээҕи иитэр чэпчэкитэ суох да буоллар, хоһуун дьоннор өбүгэ төрүт дьарыгын тута сылдьаллар.
— Оту-маһы тиэйии ороскуотун аччатар туһугар, кыстык хотону ходуһа таһыгар туттар санаа эрдэттэн баара, — диэн кэпсиир Лена. — Ол иһин, дьиэ кэргэн пиэрмэтин бырагыраамматыгар кыттан, 5 мөл. 500 тыһ. солкуобай сууммалаах граны ылбытым. Дьэ уонна сайын устата ити учаастакка 50 ынах турар хотонун, олорор дьиэни уонна баанньыгы тутуннубут. Элгээн күөллээх буолан, сүөһү уулууругар кыһалҕаны көрсүбэппит, аны мантан оттуур сирбит чугас. Кыстыкпыт бу буолла, оттон сайын субан сүөһүнү сайылыкка ыытыахпыт, ыанньыктары Баатаҕай Алыытыгар киллэриэхпит. Онно ыан, сүөгэй, суорат астаан нэһилиэнньэҕэ атыылыахпыт. Бу да иннинээҕи сылларга наар итинник тэринэн, бородууксуйабытын батаран кэлбиппит.
— Дьэ, ону барытын ким астыырый?
— Билиҥҥитэ ынахтарбын бэйэм ыан, астыыбын. Үлэм сарсыарда биэстэн саҕаланар. Тураат, ынахтарбын сылгылаан аҕалабын, онтон ыан баран, сүөгэй ытыйабын, суораттыыбын. Ынахтарбын күҥҥэ үстэ ыыбын. Дьон бэйэлэрэ кэлэн дьиэбиттэн атыылаһан бараллар. Быйылгыттан үс үлэһити ылар былааннаахпыт, ыанньыксыты, асчыты уонна бостуугу.
— Лена, эйигин тиэхиньикэ араас көрүҥүн ыытар, туохтан да иҥнэн турбат дииллэрдии.
— Омук массыынатын, «Уралы», дьоҕус тыраахтары, «Бураны», квадроциклы ыытабын. Ол барыта үлэбэр көмөлөһөр, суоппар көрдөнөн, бириэмэни бараабаппын.
— Дьахтар киһи итини барытын ыарырҕаппаккын дуо?
— Оҕо эрдэхпиттэн үлэлии үөрэнэн, улаханнык ыарырҕаппаппын. Сүрүнэ, үлэлииргэ баҕалаах киһи тугу барытын кыайар. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар киһисөптөөх дохуоту аахсыан сөп. Холобур, биһиги сайыҥҥы өттүгэр үүттэн, күһүнүн эттэн дохуоттанабыт. 2017 сыл түмүгүнэн, 1,5 мөлүйүөн солкуобайдаах бородууксуйаны оҥорон, батардыбыт. Оттон “олох ыарахан, туох да табыллыбат» — диэн олорбуппут буоллар, итиччэ үп хантан кэлиэ этэй?
— Инники былааныҥ туһунан кэпсии түс эрэ.
— Ынах сүөһү кыстыгар хараас, күрүө-хаһаа туттуохпут. Сылгыбыт сөптөөх ахсааҥҥа тиийбитинэн, аны хаачыстыбаҕа үлэлиэхпит, анал база, убаһалары кыстатарга дьиэ-уот, күрүө-хаһаа наада. Оҕолорум үһүөн үлэҕэ сыстаҕастар. Улахан уолум сылгылары көрөр-истэр, кыыһым ахсыс кылааска үөрэнэр, кырам түөрт саастаах. Кыыһым ынахтааҕар тоҕо эрэ табаны ордорор, сайын аайы быраатым общинатыгар сайылыыр. Оттон мин, ийэ киһи быһыытынан, күннээҕи остуолбар бэйэм үүтүм-сүөгэйим, этим баарыттан, оҕолорбун сибиэһэй аһынан-үөлүнэн аһатарбыттан астынабын. Сөбүлүүр үлэбинэн дьарыктанабын, айылҕаҕа сылдьабын, биир тылынан эттэххэ, көҥүл киһибин. Мантан ордук дьол баарын билбэппин.
This post was published on 21.03.2018 09:30 09:30