Лена Афанасьева: Медицинаҕа ыарахан кэмҥэ сөптөөх миэрэлэр ылыллаллар

Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускай куорат балыыһаларын кылаабынай быраастарын кытта кэпсэттэ. COVID-19 ыарыы элбии турдаҕына балыыһалар уонна лабораториялар үлэлэригэр оптимизация боппуруостарын дьүүллэстилэр. Онкология диспансерын кылаабынай бырааһа, Дьокуускай куорат дууматын депутата Лена Афанасьева  ылыллар миэрэлэр суолталарын СИА-ҕа кэпсээтэ.  


Лена Афанасьева эппитинэн, ылыллар миэрэлэр ортолоругар коронавирус инфекциятыгар хаптарбыт дьон сытар куойкалара эбиллибитэ уонна стационардар арыллыбыттара буолар. КТ кабинеттарын үлэтин оптимизацията  диагностиканы кэмигэр ыытары хааччыйар, маны сэргэ лабораториялар үлэлэрэ күүһүрэр.

«COVID-19 ПЦР чинчийиинэн эрэ быһаарыллыбат, ИХА уонна ИФА ньымалар эмиэ туттуллаллар, бу анаалыс түмүгүн тахсыытын болдьоҕун түргэтэтэр. Бу өрөспүүбүлүкэ салалтата, доруобуйа харысталын министиэристибэтэ ылар миэрэлэрэ балаһыанньаны тупсарарга туһуланаллар. Быраас, киһи быһыытынан, өрөспүүбүлүкэбит баһылыга бэлиэтээбитин курдук, биири тоһоҕолоон этиэхпин баҕарабын — коронавирус биһиги олохпутугар уһуннук кэллэ, онон маннык олоххо сөп түбэһиэхтээхпит, бэйэбит уонна чугас дьоммут доруобуйаларыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыахтаахпыт. Айсен Сергеевичка махтанабыт медицина үлэһиттэригэр истиҥ сыһыаныгар, өйөбүлүгэр. Кини бары медиктарга үлэлэригэр, профессионализмнарыгар, эппиэтинэстэригэр махтанарын биллэрдэ бэҕэһээҥи кэпсэтиигэ«, — диэтэ кини.

This post was published on 16.10.2020 12:01 12:01