21 Сэтинньи 21.11
  • -32°
  • $ 100,22
  • 105,81

Лена Афанасьева: “2030 сылга олох уһуна 80+ сааска тиийиэхтээх»

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Быйыл Мэдиссиинэ үлэһитин күнэ ый үһүс өрөбүлүгэр, бэс ыйын 16 күнүгэр бэлиэтэнэр. Үрүҥ халааттаах аанньаллар сырдык бырааһынньыктарын көрсө Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйаҕа харыстабылын миниистирэ Лена Николаевна Афанасьеваны кытары кэпсэттибит.

— Лена Николаевна, эн үрүҥ халааттаах аанньал идэтин таларгар ким, туох сабыдыаллаабытай?

– Ийэм Анна Павловна Юмшанова. Биһиги аймахтарбытыгар мэдиссиинэни талбыт эрэ буолбакка, идэлэригэр чахчы бэриниилээх дьон элбэх этилэр. Мин ийэм, аҕам өттүттэн эдьиийдэрим, убайым эмчит идэлээхтэрэ. Ол иһин, биһиги дьиэбитигэр мэдиссиинэ тула кэпсэтии күннээҕи дьыала курдуга.

Ол гынан баран, сүрүн холобурунан, биллэн турар, ийэм, фтизиатр-быраас Анна Юмшанова буолбута. Саха судаарыстыбаннай университетын мэдиссиинэҕэ факультетын бүтэрэн баран, аҕабыныын (аҕам инженер-тутааччы этэ) Дьааҥы оройуонугар барбыттара. Ийэм олоҕун 11 сылын Дьааҥы сэллиги утары охсуһар сулууспатыгар анаабыта: бастаан Эһэ Хайа бөһүөлэгэр сэллик балыыһатын, онтон Дьааҥы улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын сэллиги эмтиир диспансерын салайбыта. Оройуоҥҥа сэлликтээх ыарыһахтары барыларын билэрэ — инфекция «уйатыгар» бастакынан тиийэрэ. Нэһилиэктэринэн командировкаларга барара. “Наада, ол аата наада буоллаҕа” диэн кини тутуһар тускула этэ. Кэлин даҕаны, биһиги Дьокуускайга көспүппүтүгэр, үлэтин уларыппатаҕа, Сэллик Саха сиринээҕи научнай-чинчийэр институтун балыыһатыгар фтизиатр-бырааһынан үлэлээбитэ. Мин санаабар, кини талан ылбыт сөбүлүүр идэтигэр уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыана эмчит идэтин таларбар улаханнык сабыдыаллаабыта. Мин эмиэ ийэм курдук, Саха судаарыстыбаннай университет мэдиссиинэ-эмтиир факультетыгар үөрэнэ киирбитим.

— Университеты бүтэрэргэр ханнык анал идэни (специализацияны) талбыккыный?

— Мин үрдүк үөрэххэ “эмтээһин дьыалата” идэни баһылаабытым, онтон интернатураҕа Мииринэй куоракка акушерствоҕа уонна гинекологияҕа үөрэммитим. Мин көрүүбэр, орто дойдуга саҥа олоҕу, ийэ буолар кэрэ аҥаардарга көмөнү, хайа баҕарар сааска дьахтар доруобуйатын харыстааһыны уо. д.а. кытта сибээстээх мэдиссиинэ ордук интэриэһинэй салаатын талбытым.

Хаартыска: СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата

— Үлэҥ онкология диспансерыттан саҕаламмыта дуо?

— Оннук, үлэм биографията онкология диспансерыттан саҕаламмыта. Дьиҥэр, манна улахан оруолу биир түбэлтэ ылбыта. Акушерствоҕа уонна гинекологияҕа интернатураны Мииринэй балыыһатыгар ааспыт буоламмын, манна үлэлии хаалыам дии санаабытым. Ол гынан баран, кэргэммин Дьокуускайга көһөрөннөр, куоракка кэлбиппит. Киин куоракка үлэ онкология диспансерыттан атын ханна да суоҕа. Оччолорго онкология диэн тугун толору өйдөөбөт киһи кэлбитим быһыылааҕа эрээри, өр сылларга хаалбытым.

Аттыбар баар аҕа саастаах биир идэлээхтэрим — Лина Саввична Колесова, Люция Спиридоновна Ларионова, Анна Григорьевна Любимова, Георгий Петрович Упхолов, Галина Петровна Гуляева миигин үчүгэйдик көрсүбүт эрэ буолбатахтар — кинилэр көмөлөһөргө, тугу эрэ сүбэлииргэ, аттыгар баар буоларга мэлдьи бэлэм этилэр. Мин настаабынньык биир идэлээхтэрбин мэлдьи махталынан ахтабын.

Ити кэмтэн, 1993 сылтан ыла дьылҕам чуолаан Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын кытта быстыспат ситимнэммитэ.

РМНА Арассыыйатааҕы онкологическай научнай киинигэр килиниичэскэй ординатураны бүтэрэн баран, үлэбин онкология диспансерыгар салҕаабытым. Өр сылларга гинекология отделениетын эпэрээссийэлиир онколог-гинекологынан үлэлээбитим, онтон 2000 сылтан отделениены салайбытым.

Дьокуускай куорат доруобуйатын харыстабылын управлениетыгар 8 сыл үлэм кэнниттэн, 2017 сыллаахха онкология диспансерыгар кылаабынай бырааһынан төннөн кэлбитим. 2004 сыллаахха хандьыдаат диссертациятын көмүскээбитим.

— Билиҥҥи, аныгы тутуулаах Онкология диспансерын уруккуга холоотоххо, олох атын буолуо?

— Оннук. Диспансер өр сылларга Свердлов аатынан уулуссаҕа сытар балыыһа ирдэбилигэр олох эппиэттээбэт дьиэҕэ үлэлээбитэ. Сип-синньигэс кирилиэстэр уонна көрүдүөрдэр, лиип суоҕа. Онон, эпэрээссийэ кэнниттэн биһиги, эмчиттэр, ыарыһахтарбытын илиибитигэр көтөҕөн балааталарыгар илдьэргэ күһэллэрбит… Радиология отделениетын туруга өссө быстар мөлтөҕө. Үлэлиир сир тиийбэтэ онкология сулууспатын уопсай сайдыытын атахтыыра.

«Баар балаһыанньаны чопчу өйдөөн туран кэлбитим»

—2017 сыллаахха миигин Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын кылаабынай бырааһынан анаабыттарыгар, балаһыанньаны суһаллык уларытыахтаахпын чопчу өйдөөн туран кэлбитим. Онуоха өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев биһигини өйөөбүтэ быһаарыылаах буолбута. Кини биһиэхэ кэлэ сылдьан барытын көрбүтэ-истибитэ уонна балаһыанньаттан тахсарга Дьокуускайдааҕы килиниичэскэй балыыһа оҕо төрөтөр дьиэтин (босхолонон турара) ыларга сүбэлээбитэ. Килиниичэскэй балыыһа кылаабынай бырааһа

Николай Николаевич Васильев биһигини үчүгэйдик өйдүүр буолан, дьиэни быстах кэмҥэ биэрэргэ быһаарыммыта. “Дьиэ босхолонноҕуна, төнүннэрэҕин”, — диэбитэ.

Ити дьиэҕэ биһиги 2018 сыллаахха көһөн кэлбиппит. Төһө да быстах кэмнээх быһаарыныы буолбутун иһин, атын дьиэҕэ кэлэн эмтээһин усулуобуйата тосту уларыйарын сэргэ, эмчиттэр үлэлиир кыахтара улааппыта. Өрөспүүбүлүкэ онкологияҕа сулууспатын саҥа усулуобуйата сайдарга саҥа тэтими биэрбитэ. Сайдыыны сэргэ, “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр онкология ыарыыларын утары охсуһуу” бырагырааматын олоххо киллэрии саҕаламмыта, бырагыраама биллэр түмүктэри ситиһэргэ көмөлөспүтэ. Биһиги онкология сулууспатын базатын тосту уларыппыт эрэ буолбатахпыт — радиология отделениетын саҥаттан туппуппут, ону таһынан, онколог-быраастары ыарыыны быһаарыы уонна эмтээһин инники иһэр сайдыылаах ньымаларынан хааччыйбыппыт. Радиология куорпуһун саҥардыыны тэҥэ элбэх аныгы тэриллэммиппит.

Каадырдары бэлэмнээһин кэмигэр саҕаламмыта

— Ол курдук, радиотерапия отделениетыгар саҥа тэриллэри үлэлэтэргэ исписэлиистэр бары Арассыыйа онкологияҕа сүрүн институтун базатыгар — Н. Н. Блохин аатынан онкология научнай-чинчийэр киинин уонна идэҕэ быыстала суох үөрэхтээһин мэдиссиинискэй академиятын баазаларыгар үөрэммиттэрэ. 2019 сыллаахха исписэлиистэр Япония Онкологияҕа национальнай киинигэр, АХШ-ка стажировкаламмыттара.

Саха сирин онкологияҕа сулууспатын биир сүрүн кыһалҕатынан өр сылларга исписэлиистэр (ордук улуустарга) тиийбэттэрэ буолбута. Ити боппуруоһу быһаарар көрүҥүнэн анал эмтээһин саҥа ньыматын быһыытынан, онкология амбулаторнай көмөтүн кииннэрэ буолбуттара. “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн 18 онкология амбулаторнай киинэ аһылынна. Кииннэр соруктарынан онкологияны эрдэ быһаарыы уонна олорор сирдэригэр мэдиссиинэ көмөтүнэн хааччыйыы буолаллар.

2019 сыллаахха эпэрээссийэлиир блоктар толору модернизацияламмыттара. Онкологтар билигин үрдүк технологиялаах уонна видеоэндоскопия суһал орооһууларын элбэҕи оҥороллор.

Саха сирин онкологиятын сулууспатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи телеконсультативнай ситим Оройуоннааҕы балыыһалары уонна онкологияҕа амбулатория кииннэрин барыларын хабар. 2019 сыллаахха Онкология диспансера ХИФУ-ну кытары бииргэ үлэлээн, Мэдиссиинэ институтун онкологияҕа базовай кафедрата тэриллибитэ, манна диспансер сүрүн исписэлиистэрэ үөрэтэллэр. Ону таһынан, быраастар Арассыыйа сүрүн институттарыгар эрэ буолбакка, омук сирдэригэр, холобур Япония, АХШ, Корея, Шанхай онкологияҕа кииннэригэр тиһигин быспакка стажировкаланаллар.

Диспансер онкология көмөтүн олохтоохторго муҥутаан чугаһатар туһугар кэккэ бырайыактары көҕүлүүр. Олортон биир ордук көдьүүстээхтэринэн “Онкодесант” буолар. Ол эбэтэр, онкология мобильнай биригээдэлэрэ өрөспүүбүлүкэ ыраах сытар улуустарыгар уонна нэһилиэктэригэр өр сыллар устата тиһигин быспакка тиийэн үлэлииллэр.

Оттон 2020 сыллаахха диспансер исписэлиистэрэ «Онкопоисксаха.рф» комплексы толкуйдаан оҥорбуттара. Бу бырайыак — искэн алта сүрүн көрүҥүн (тыҥа, быар, эмиий, колоректальнай, оҕо үөскүүр киэлитин хапчаҕайын (шейкатын), самах былчархайын) эрдэ быһаарар скрининг. Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр баар биир идэлээхтэрбит түмүктэри биллэ үрдүктэринэн сыаналаабыттара.

— Оттон саҥа диспансеры тутуу боппуруоһа хаһааҥҥыттан турбутай, төһө өр күүттүгүт?

— Ити туһунан өссө 1980‑с сыллартан этэллэрэ уонна суруйаллара. Ол эрээри, өрөспүүбүлүкэ үбэ-харчыта мэлдьи тиийбэт этэ. Дьыала 2019 сылтан эрэ хамсаан барбыта. Онно Айсен Сергеевич федеральнай бүддьүөт үбүн тардан, боппуруоһу быһаарары ситиспитэ.

Онкология киинин тутуу олус судургута суох этэ диэн этиэхпин наада. Тустаах уларытыылары бастаан ковид пандемията, онтон дойдуга барытыгар буолбут сааҥсыйалар киллэрбиттэрэ. Ол да буоллар, хамсааһын тахсарын ситиспиппит. 2024 сыл олунньутугар Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын бастакы уочарата үлэҕэ киллэриллибитэ. Манна даҕатан эттэххэ, саҥа эбийиэк аһыллыытын сиэригэр-туомугар Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин видео-сибээһинэн кыттыбыта.

Миниистиринэн ананыы

— Лена Николаевна, 2021 сыл алтынньытыгар доруобуйа харыстабылын миниистиринэн ананыыҥ барыбытыгар да тургутуунан буолбут ковид пандемиятын кэмигэр сөп түбэспитэ.

— Бу бириэмэ Арассыыйа уонна Саха сирин эмчиттэригэр эрэ буолбакка, мин санаабар, аан дойду мэдиссиинэтигэр барытыгар олус ыарахан кэм этэ. Ил Дархан Айсен Николаев салайыытынан, өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын хамаандатын, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина уонна доруобуйа харыстабылын оччотооҕу миниистирэ Елена Борисова табыгастаах үлэлэринэн уустук балаһыанньаттан тахсарга туох кыалларын барытын оҥорбуттарын бэлиэтиибин. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ ковидтан өлүү көрдөрүүтэ дойдуга биир саамай намыһах этэ.

Чахчыта да, пандемия биһигиттэн баараҕай уларыйыылары, саҥа быһаарыылары ылыныыны: эбии куойкаларынан хааччыллыыны, отделениелары уларыта тутууну уо. д.а. ирдээбитэ. Холобур, биир оннук саҥа быһаарыынан 2022 сыл тохсунньутугар киин куоракка “Триумф” успуорт комплексын базатыгар Амбулатория суһал көмөтүн киинин арыйыы буолбута. Киин көмөтүнэн 3 нэдиэлэ иһигэр 16 тыһыынча кэриҥэ эмтэнээччи туһаммыта. Онон биһиги, дьон тоҕо анньан кэлэрэ төһө да элбэҕин иһин, куорат поликлиникаларын ноҕуруускаларын түргэнник аччатар уонна куорат тыһыынчанан олохтооҕун мэдиссиинэ көмөтүнэн бириэмэтигэр хааччыйар кыахтаммыппыт. Атын да суһал быһаарыныылар ылылланнар, бу улахан кыһалҕаны бүттүүн кыайбыппыт.

Аны туран, куһаҕан үчүгэйдээх диэбит курдук эмиэ буолбута. Ол эбэтэр пандемия мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу стратегиятын хос көрөргө күһэйбитэ. Ыраахтан өҥөҕө наадыйыы элбээбитэ, онон эмтэнээччилэргэ Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар “Мин доруобуйам” сыһыарыы олус наадалаах буолбута. Уопсайынан, ковид кэннинээҕи доруобуйа харыстабыла олох атын буолбута, суһал быһаарыылары эрэйбитэ. Манна даҕатан эттэххэ, үлэ саҥа ньыматыгар көһөргө 2022 сыллаахха Саха сиригэр РФ Доруобуйаҕа харыстабылын штаты таһынан исписэлиистэрин улахан дэлэгээссийэтэ, дойду доруобуйатын харыстабылын бастыҥнара кэлэн барыылара саҥа хайысхалары быһаарарга көмөлөөх буолбута.

Чахчыта да, үчүгэй уларыйыы элбэх. 2022 сыллаахха “Сүрэх-тымыр ыарыыларын утары охсуһуу” эрэгийиэннээҕи бырайыак чэрчитинэн Мэдиссиинэ Национальнай киинин сүрэх-тымыр киинэ үлэҕэ киллэриллибитэ. Манна үрдүк технологиялаах саҥа ньымалар киллэриллибиттэрэ.

Дьоһун соруктар тураллар

—2023 сыл ахсынньытыгар Москваҕа буолбут “Национальнай доруобуйа харыстабыла” II кэнгириэскэ Ил Дархан Айсен Николаев уопсастыба доруобуйатын харыстабылыгар ситиһиилэр тустарынан кэпсээбитэ. Маны эрэгийиэн үлэтин федеральнай таһымҥа билинии курдук сыаналыахха сөп дуо?

— Сөптөөх ыйытыы. Кэнгириэскэ үрдүк технологиялары киллэриигэ үөрүйэҕи атастаһарга 4 эрэ эрэгийиэн ыҥырыллыбыта. Оттон Айсен Сергеевич Москва мэрэ Сергей Собянин кэнниттэн дакылаат оҥорбута элбэҕи этэр. Биһиги салаабытыгар элбэҕи быһаарбыт түгэнинэн Айсен Николаев “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уопсастыба доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ уонна доруобуйа харыстабылын систиэмэтин сайыннарыыга стратегическай хайысхалар тустарынан” Ыйааҕа буолбута. Онтон 2023 сыллаахха Ил Дархан өссө биир көҕүлээһинин үлэҕэ киллэриигэ ылсыбыппыт — Арктика ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар мэдиссиинэ анал көмөтүн тэрийии саҥа моделын бырайыагын олоххо киллэрбиппит. Саҥа тэриллибит Мобильнай биригээдэлэр эрэгийиэннээҕи кииннэрин эмчиттэрэ аҥаардас 2023 сылга Арктика 89 нэһилиэнньэлээх пуунугар сылдьан, 33 тыһыынчаттан тахса киһи доруобуйатын көрбүттэрэ. Биһиги сорукпут — мэдиссиинэ анал көмөтүн Саха сирин хас биирдии олохтооҕор, ханна олороруттан тутулуга суох, табыгастаах оҥоруу.

Салгыы Хирургия мобильнай киинин тэрийбиппит. Өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинэтин устуоруйатыгар мобильнай хирурдар баар буолуулара бастакы. Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Мэдиссиинэ суһал көмөтүн киинин быраастара тиһигин быспакка улуустарга тиийэн, былааннаммыт эпэрээссийэлэри оҥороллор. Киин быраастара хайыы үйэ 8 улууска тиийэн, миэстэтигэр 225 эпэрээссийэни, ол иһигэр үрдүк технологиялааҕы, оҥордулар.

— Лена Николаевна, чугастааҕы кэмҥэ туох былааннар баалларый?

— Биһиги былааннарбыт — Владимир Путин эппит саҥа национальнай бырайыактарын олоххо киллэрии. Биһиэхэ дьоһун сорук турар — 2030 сылга олох уһуна 80+ сааска тиийиэхтээх. Бу — нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстааһыны кытары эрэ буолбакка, дьону чөл олоххо көҕүлээһини кытта сибээстээх биир кэлим үлэ. Инникитин доруобуйа харыстабылын салаатын салгыы модернизациялааһынынан, саҥа технологиялары киллэриинэн, бу соруктары толорор кыахтаах үрдүк таһымнаах каадырдары бэлэмнээһининэн дьарыктаныахпыт.

Күндү биир идэлээхтэрбэр  идэлээх бырааһынньыкпытынан таптыыр дьыалаҕытыгар бэриниигит, идэҕэ үрдүк таһымҥыт иһин махтал тылларын этэбин.
Эһиэхэ уонна эһиги чугас дьоҥҥутугар чэгиэн доруобуйаны, сайдыыны, нус-хас олоҕу, өссө да үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.

Источник: Сах асирэ саайт

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА