Саҥа дьылтан үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ икки төгүл индексациялыахтара. Олунньу 1 күнүгэр — инфляция таһымынан, муус устар 1 күнүгэр — хамнас улаатыытын таһымынан, Госдума депутата Андрей Исаев иһитиннэрдэ телеграм-ханаалыгар.
Үлэ миниистирэ Антон Котяков иһитиннэрбитинэн, эһиил биэнсийэ индексацията үлэлээбэт уонна үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ тэҥинэн барыаҕа.
«2016 — 2024 сылларга үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэлэригэр индексациялааһын үлэлээн бүппүттэрин кэнниттэн биирдэ оҥоһуллар», — диэтэ кини.
This post was published on 21.06.2024 12:02 12:02