Үлэлиир биэнсийэлээхтэр муус устар 20 - 30 күннэригэр больничнайга барыахтарын сөп

65 саастарын ааспыт үлэлиир биэнсийэлээхтэр, самоизоляцияҕа олорон, муус устар 20 — 30 күннэригэр больничнай оҥорторуохтарын сөп. Докумуон үлэни биэрээччи тиксэрбит дааннайыгар олоҕуран бэриллэр. РИА Новости-га Үлэ миниистирэ Антон Котяков кэпсээтэ.

«Муус устар 20 — 30 күннэригэр 65-с уонна онтон үөһэ саастаах үлэлиир биэнсийэлээхтэр самоизоляция эрэһиимигэр бардахтарына, больничнайдарын дистанционнайдык оҥорторуу бэрээдэгэ быһаарылынна. Үлэни биэрээччилэр электроннай көрүҥүнэн соцстрах Пуондатыгар дааннайдары ыыталлар. Дьон бэйэтэ ханнык да эбии докумуону ыытара ирдэммэт», — диэтэ миниистир.

This post was published on 17.04.2020 16:06 16:06