Госдуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин бэс ыйын 11 күнүгэр Дуума Сэбиэтин мунньаҕын түмүгүнэн, дойду бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин Петербуурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экономика пуорумугар биллэрбит көҕүлээһиннэрин сокуон өртүнэн хааччыйыы билигин сүрүн хайысханан буолар диэн бэлиэтээтэ.
Бастатан туран, социальнай суолталаах сокуоннар бырайыактарын — үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрин индексациялааһын уонна хамнас үрдээһинин хааччыйыы туһунан. Билигин дьокутааттар бырабыыталыстыбаны кытары Бэрэсидьиэн чопчу туруорбут соруктарын кылгас кэм иһинэн көрөн, ылынан быһаарыахха наада. Дойду гражданнара бу сокуоннар ылыллалларын кэтэһэллэр, — диэтэ бэрэссэдээтэл.
Ону тэҥэ, экэниэмикэни уонна эрэгэйиэннэри өйөөһүҥҥэ туһуламмыт сокуон бырайыактарын көрүү соруга турар. Ол иһигэр, бырамыысыланнаска уонна космоска судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһини сайыннарыы, экэниэмикэни сайыннарыыга инвестициялааһыны көҕүлүүргэ федеральнай көҕүрэтии, эрэгийиэннээҕи инвестиция ыстандаартарын туһунан. Бу сокуоннар инвестордары интэриэһиргэтэргэ туһуламмыт биир бириинсиби олохтуохтаахтар. Креативнай индустрияны өйөөһүн манна эмиэ киирсэрин бэлиэтээтэ.
Сэбиэт мунньаҕын кэмигэр Госдуума бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытыгар Александр Жуковка профильнай кэмитиэттэри кытары үлэлэһэн, Бэрэсидьиэн ылыммыт быһаарыыларын сокуон өртүнэн хааччыйарга туһуламмыт этиилэри киллэрэргэ сорудахтанна.
Бэрэсидьиэн маннык быһаарыныыны судургута суох кэмҥэ ылынна. Билигин Анал байыаннай дьайыы бара турар, биһиги дойдубутун утары 21 тыһыынча сааҥсыйа биллэриллэн турар кэмэ. Бу быһаарыыны олоххо киллэрэргэ триллионунан суумалаах үп-харчы ирдэнэр. Ол гынан баран, ол кыаллар.
Кини биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар, биэнсийэлээхтэргэ, аҕам саастаах дьоҥҥо куруук болҕомтолоохтук сыһыаннаһар. Фракциялар маны бэйэҕит суоккутугар суруна сатаамаҥ. Билигин бу хайысха дойдубут сүрүн соругунан буолар.
Сокуоннар бырайыактарын оҥоруу саҕаланна. Ону кытта, бырабыыталыстыба өртүттэн гражданнарбытын уонна эрэгийиэннэрбитин өйүүргэ туһуламмыт этиилэри күүтэбит. Бу барыта биһиги дьоммут олохторун хаачыстыбатын тупсарарга уонна сайдыыга туһуламмыт национальнай соруктары ситиһэргэ олус суолталаахтар, — диэн түмүктээтэ Вячеслав Володин, суруйда Саха парламент саайт.
This post was published on 18.06.2024 12:02 12:02