Үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ үрдүөҕэ

Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор үлэлээбэт дьон страховой биэнсийэтин үс сыл устата хаста даҕаны индексациялыахтара.

Ол курдук, кэлэр сыл тохсунньу 1 күнүттэн төлөбүр 7,5 % үрдүөҕэ. 2025 сыл олунньутуттан – 4,5 % итиэннэ муус устарыттан – 2,2 %. 2026 сыл эмиэ ити кэмнэригэр 4 % уонна 2,3 % эбиллиэҕэ диэн Обяъсняем.РФ  ТАСС суруйуутугар сигэнэн сырдатар.

Инньэ гынан, үлэлээбэт биэнсийэлээх 2026 сылга 25 590 солк. ылар кыахтаныаҕын, бу туһунан чугастааҕы үс сылга Пенсионнай уонна социальнай пуонда бүддьүөккэ федеральнай сокуон бырайыагын туһунан, Ааҕар-суоттуур балаата түмүк суругар этиллэрин ыйар.

Людмила Попова, Саха сирэ

This post was published on 17.10.2023 17:46 17:46