«Лээги Кубога-2017»: Амма улууһун сиригэр-уотугар бастыҥ аттар куоталаһыахтара

Сылын ахсын сайдан иһэр, сэҥээрээччилэр сүрдэрин көтөҕөр, норуот биһирэбилин ылбыт “Лээги Кубога” ат сүүрдүүтүн күрэҕэ атырдьах ыйын 18 күнүгэр Амма сэлиэнньэтин “Муона” ипподромугар ыытыллыаҕа.


Күрэхтэһиини биллэр урбаанньыт, меценат Руслан Федотов тэрийэн ыытар. Кинини кытта сыл аайы тэрийсээччинэн Саха сирин аатырбыт спортсмена, мас тардыһыытыгар уос номоҕо буолбут мадьыны, сүүрүк аттары баайааччы Анатолий Баишев буолар.

Быйылгы “Лээги Кубогар” сүүрэр аттар биэс дистанцияҕа куоталаһыахтара. Бириис фондата — 4 мөлүйүөн солкуобай. Ол курдук, сүүрүүгэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитин И.Н. Емельянов аатынан Амма улууһун ат сүүрдүүтүн федерацията туруорбут 800 миэтэрэҕэ — 300 тыһ. солк., 1600 миэтэрэҕэ – 200 тыһ.солк., 2000 миэтэрэҕэ – 300 тыһ.солк. бириистэр оонньонуохтара. Оттон 2400 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ “Лээги Кубогар” 2 мөлүйүөн солкуобайы Руслан Федотов туруорбут бирииһэ оонньонуо. Маны таһынан, 3200 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ “Дьөһөгөй Үрдэлэ” Хаҥалас улууһуттан Ньикииппэрэптэр дьиэ кэргэн туруорбут 1 мөлүйүөн солкуобайдара кыайыылааҕы кэтэһэр.

“Лээги Кубога”

Быйылгы сүүрүүгэ 2400 миэтэрэ дистанцияҕа, ол эбэтэр «Лээги Кубога» бирииһигэр ат боксаҕа киирэригэр 50 тыһ солк. усунуос төлүүр. Ити төлөөбүт үптэрэ бириис фондатыгар эбиллэн биэрэр буолан, уопсай бириис фондата 4 мөл. солк диэри үрдээтэ. Забайкальскай кыраайтан бу дистанцияҕа Илья Муромец, 800 миэтэрэҕэ Эйр Джет, 2000 миэтэрэҕэ Джиант Бэнд кэлэн сүүрүөх­тэрэ. Онон тэрээһин регион хабааһын­наах буолла.

«Дьөһөгөй Үрдэлэ” (“Национальное Достояние”)

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Саха сиригэр төрөөбүт ыраас хааннаах аттарга күрэх­тэһии суох. Лээгиттэн төрүт­тээх, Хаҥалас улууһун уонна Нөмүгү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ уонна тыыл бэтэрээнэ Иван Петрович Никифоров оҕолоро уонна сиэннэрэ эһэлэригэр махтанан, “Дьөһөгөй Үрдэлэ” (“Национальное Достояние”) 3200 миэтэрэлээх дистанцияны күрэххэ киллэрэргэ быһаардылар.

“Дьөһөгөй Үрдэлэ” дистанцияҕа саха сиригэр төрөөбүт, үс саастарын ааспыт ыраас хааннаахтар кыттыыны ылыахтара. Хаҥалас улууһуттан Толедо, Мэҥэ Хаҥаластан Флоренция Суола, Милан, Крэк, Синьорита, Чурапчыттан Тускул уонна Байтал, Үөһээ Бүлүүттэн Голден Граф уонна Архангел стартка тахсыахтара.

Кыайыылаахха дьиэ кэргэн 1 000 000 солкуобайы бириис быһыытынан туттарыа.

Никифоровтар бу быһаарыыларын сүүрүк аттары баайааччылар Саха сиригэр төрөөбүт, климатыгар үөрэммит аттары сайыннарарга көҕүлүүр күүс буолар диэн сыаналыыллар. Онон бу дистанцияҕа сүүрүүнү үгэскэ кубулутар баҕа санаалаахтар.

Маны таһынан, аттар боксаҕа киирэр төлөбүрдэрэ – биир убаһа буолар. Убаһа 40 тыһ. солк. сыаналанна.

Сүүйүүлээх билиэттэр оонньонуохтара

“Лээги Кубогар”сыл аайы сүүйүүлээх билиэттэр оонньоноллор. Бастакы сылларыгар оҕолорго диэн кыра лотерея ыытыллар буоллаҕына, 2014 сылтан лотерея таһыма уонна бирииһэ биллэ улааппыта. Быйылгы сүүйүүлээх билиэт сыаната — 1000 солкуобай. Сүрүн бириистэринэн «УАЗ» массыына, «Синтай» тыраахтар, квадроцикл, ларь-морозильник, холодильник, телевизордар уо.д.а. сыаналаах бириистэр туруорулуннулар.

Быйылгы тэрээһин өссө биир сүрүн уратыта – билиэт ылбыт киһи “Сиибиктэ”, “Наахара” уонна туттар тэрил маҕаныыннарыгар 10 быраһыаннаах чэпчэтиигэ түбэһэр. Онон, тугу да сүүйбэ­тэх киһи билиэтин сыанатын чэпчэтиигэ туһанар бырааптанар.

Сыл ахсын Руслан Федотов наадыйар дьоҥҥо үбүнэн араас көмөнү оҥорор. 2013 сыллаахха ыытыллыбыт лотерея харчыта Амматааҕы коррекционнай оскуола-интэринээккэ бэриллибитэ.

“Лээги” устуоруйатыттан

Лээги диэн — 1969 сыллаахха Амма улууһун көһөрүүгэ түбэспит дэриэбинэтэ. Ыраах турарын иһин олохтоохтору оройуон атын дэриэбинэлэригр уонна Хаҥаласка көһөрбүттэрэ. Руслан Федотов оччолорго олох кыра саастааҕа. Оҕочоос киһи «дьикти дьаһалы» өйдөөбөтөҕө, олус ыараханнык ылыммыта, дойдутун олус ахтара. 2012 сыллаахха кини биир дойдулаахтарын кытта түмсэн, икки туомнаах «Лээги» диэн кинигэ суруйбуттара. Кинигэ сүрэхтэниитигэр анаан кини, Иван Емельянов уонна Анатолий Баишев буоланнар “Лээги Кубога” диэн ат сүүрдүүтүн тэрийбиттэрэ.

Тэрээһин олус үрдүк таһымнаахтык ыытыллан, дьон биһирэбилин ылан, үгэскэ кубулуйар. Сылтан сыл «Лээги Кубога» сайдан, тупсан, үрдүк таһымнанан иһэрэ көстөр. Руслан Еремеевич Белоруссияттан уонна Киин Арассыыйа регионнарыттан бииргэ үлэлиир дьонун ыалдьыттата аҕалар. Сылтан сыл “Лээги” күрэхтэһиитэ Киин регионнарга уонна Белоруссияҕа иһиллэр буолла. Кинилэр Саха сирин айылҕатын, култууратын олус биһирээн, сөҕөн астынан бараллар. Кэнники сылларга кинилэр “Лээги Кубога” күрэхтэһиигэ спонсордыыллар.

Тэрийээччи санаата

Руслан Федотов, “Лээги Кубога” ат сүүрдүүтүн тэрийээччи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин биллэр урбаанньыта, бочуоттаах меценат:

— Быйылгы “Лээги Кубогар” дьүөрэлии тутан, атырдьах ыйын 17 күнүгэр “Хонуу күнэ” диэн тэрээһини Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин кытта тэҥҥэ Амма улууһун Покровка сэлиэнньэтигэр, “Амма” сопхуос базатыгар тэрийиэхпит. “Хонуу күнэ” Арассыыйа Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сыллааҕы бырагырааматынан хас биирдии региоҥҥа, уобаласка уонна өрөспүүбүлүкэлэргэ ыытыллар. Бу тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэбитигэр сири оҥоруу култууратын сайыннарарга, улахан тиэхиньикэни туһаныыга, сиэмэни олордууга, уоҕурдууну таба туһаныыга аналлаах “төгүрүк остуоллар” уонна семинардар ыытыллыахтара. Тэрээһиҥҥэ анаан балтараа тыһыынча гектардаах сиргэ эбиэс, дьэһимиэн уонна сэлиэһинэй бурдук ыстыбыт. Үүнүүтэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бастыҥ көрдөрүүлээх буолар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тыатын хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ, Ил Дархан Егор Афанасьевич Борисов уонна биһиги тэрилтэ кыттыһан эстэн эрэр «Амма» сопхуоһу акционернай уопсастыба оҥороммут, атаҕар туруордубут. Быйыл сопхуос баазатыгар эбии икки тыһыынча гектар сири эһиилги ыһыыга диэн анаан бэлэмнээтибит.

Лээги олохтоохторо урут геологтарга тыһыынчанан аты көмөҕө уларсаллар этэ. Ол иһин, биһиги, Лээгиттэн төрүттээх дьон буолан мустаммыт, дойдубут аатын ааттатар “Лээги Кубога” диэн ат сүүрдүүтэ күрэх тэрийбиппит. Бу тэрээһин бэлэмнэниитэ сылы быһа буолар. Тэрээһин бүппүтүн кэннэ сарсыныгар бары мустан ырытыһабыт. Алҕастарбытын, сыыһабытын-табабытын ааҕан, түмүк таһааран баран, эһиилги күрэхтэһиибитин бэлэмнээн саҕалыыбыт. Нэһилиэкпит аатын ааттатарга элбэх тэрээһини ыытабыт. Аҕа дойду сэриитигэр өлбүт өбүгэлэрбитигэр өйдөбүнньүк туруорбуппут, былыргы икки этээстээх миэлиҥсэни олус баай экспонаттардаах музейга кубулуппуппут. Лээгигэ элбэх ынахтаах, сылгылаах уонна сибиинньэлэрдээх бааһынай хаһаайыстыба тэриллибитэ. Дьон-сэргэ хамнастаах үлэлээх. Былыргы быраҕыллыбыт ходуһалары чөлүгэр түһэрэн оттууллар. Ити курдук Лээги сэлиэнньэтэ иккистээн тиллэн эрэр.

This post was published on 10.08.2017 15:06 15:06