Үлэ ырыынагар сүрүннээн оробуочай идэлэргэ наадыйыы үгүс.
Саха сирин Дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтэ иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ 10 тыһыынча үлэ миэстэтэ баарыттан, 6 тыһыынча оробуочай идэҕэ миэстэ аһаҕас. Ол курдук, ордук суоппардар, силиэсэрдэр, машинистар, ону тэҥэ инженердэр, мэдиссиинэ сиэстэрэлэрэ, учууталлар наадалар.
Былырыын 3,7 тыһыынча үлэтэ суох киһиэхэ суоппар, силиэсэр, парикмахер идэлэригэр эбии үөрэх көмөтүнэн үлэ булбуттар. Өрөспүүбүлүкэҕэ «Олохтоох ыччаты – бырамыысыланнаска» бырайыак чэрчитинэн бульдозер, экскаватор, буровой тэрил машиниһа, электромонтер, электрогазосварщик, горнорабочай, стропальщик курдук идэлэргэ анаан үөрэттэрэн, үлэһиттэри булаллар.
«Ааспыт сыл аҥаарыгар 8 тыһыынчаттан тахса киһини, ол иһигэр 3 845 киһи 35 сааһыгар диэри ыччат, 1 573 — вахта ньыматынан, 1 382 – сезоннай үлэҕэ, 1 841 киһи тыа сиригэр үлэлээх оҥордубут», – диэн бэлиэтээтэ Саха сиринээҕи Дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтин салайааччыта Светлана Горюшинская.
Судаарыстыбаннай бэлиитикэ биир сүрүн соруга – инбэлиит дьону үлэнэн хааччыйыы. 784 доруобуйатыгар хааччахтаах киһи Дьарыктаах буолуу кииннэриттэн үлэ көрдөөбүттэриттэн 394 киһиэхэ үлэ булан биэрбиттэр, суруйда «Саха сирэ» саайт.