Үлэ сылыгар Саха сирин бастыҥ ыанньыксытын таллылар

Фото: Предприятие "Якутский скот"

Хаҥалас улууһугар үлэ дьоно мустан «Ыанньыксыт күрэҕин» ыыттылар. Тэрээһин икки күн салҕанан барда.

XXIV өрөспүүбүлүкэтээҕи ыанньыксыттар куонкурустара Үлэ сылыгар өрө күүрүүлээхтик ыытылынна. Араас улуустан үлэ дьоно мустан, бэйэлэрин идэлэригэр маастарыстыбаларын көрдөрдүлэр.

Икки күннээх дьаһал кэнниттэн түмүккэ боруонса мэтээли «Илгэ» хамаанда (Абага, Амма улууһа). Иккиһи — Ньурба улууһуттан «Саха сүөһүтэ» тэрилтэ филиала. Кыһыл көмүс мэтээли «Бөртө» (Улахан Аан, Хаҥалас улууһа).

Бастаабыт хамаанда тыраахтыр бирииһи тутта.

Үлэ дьоно чиэстэннэ.

This post was published on 29.06.2023 09:31 09:31