Үлэ миниистирин бастакы солбуйааччы Альбина Трубина Дьааҥы оройуонугар социальнай көмөнү олоххо киллэриигэ оройуоннааҕы хамыыһыйа бэрэстэбиитэллэригэр методическай семинары ыытта. Семинар үс хайысханан барда: үлэ булуута, чааһынай предпринимательствонан дьарыктаныы, кэтэх хаһаайыстыбаны тутуу.
Альбина Трубина кыра дохуоттаах ыаллар уонна бастайааннай дьарыктаахтар дохуоттара үрдүүрүгэр социальнай контракт көмөлөһөрүн бэлиэтээтэ. Онуоха регион да, оройуон да таһымнарыгар биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хардарыта бииргэ үлэлэһиэхтэрин наадата этилиннэ.
Баатаҕай бөһүөлэгэр кини социальнай контракт ылбыт дьоҥҥо сырытта. Кинилэр социальнай уонна бытовой өҥөлөрү оҥороллор, оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэрэллэр, саҥа үлэ миэстэлэрин оҥорорго көмөлөһөллөр, биир дойдулаахтарыгар информационнай көмө оҥороллор.