Үлэ министиэристибэтэ 2026 сылга МРОТ-у 20,7% үрдэтэр туһунан этии киллэрдэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Россия үлэҕэ министиэристибэтэ хамнас алын кээмэйин (МРОТ) 2026 сылга 27 093 солк тириэрдэр туһунан этии киллэрдэ. Ити үрдээһин 20,7% тэҥ. Ол туһунан ТАСС үлэ миниистирэ Антон Котяков эттэ.

Кини бэлиэтээбитинэн, маннык быһаарыы президент сорудаҕынан ылыллар.

Министиэристибэҕэ эппиттэринэн, хамнас алын кээмэйэ 4,6 мөлүйүөн Россия киһитин хабар. Билиҥҥи МРОТ 22 440 солк.

This post was published on 22.07.2025 12:25 12:25