Россия үлэҕэ министиэристибэтэ 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн хамнас алын кээмэйин (МРОТ) 22 440 солк диэри улаатыннарар туһунан сокуон барылын уопсастыбаннас дьүүлүгэр таһаарда, ол туһунан ТАСС суруйда. Онон МРОТ 16,6% эбиллэр, миниистир Антон Котяков эттэ.
Тустаах бырайыак нуорма быраап аакталарын порталыгар бэчээттэннэ.
Бэлиэтэнэринэн, МРОТ улаатыыта 2025 сылга 4,2 мөл киһини хабыаҕа.
This post was published on 24.07.2024 17:33 17:33