2022 сылга Саха сиригэр биир кэмнээх уонна ыйдааҕы төлөбүрдэр оҕо төрөөтөҕүнэ, үс сааһыгар диэри көрүллэллэр. Федеральнайдааҕы уонна регионнааҕы ийэ хапытааллара, оҕону иитэ ылар буоллахха, ипотека ылыыга, биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга дьиэ бырагыраамата уонна да атын көмөлөр бааллар.
Өйөбүл миэрэлэрин тустарынан үлэ миниистирэ Елена Волкова кэпсээтэ.
«2019 сылтан «Демография» национальнай бырайыагынан эбии киэҥ хабааннаах миэрэлэр киирдилэр. Сыл саҕаланыаҕыттан икки тыһыынча кэриҥэ ыал биир кэмнээх төлөбүрү бастакы оҕолоругар ыллылар. Бэс ыйын 1 күнүттэн ити кээмэйэ улаатта: Арктика оройуоттарыгар — 51 тыһ солк, киин улуустарга — 42 806 солк.
Маны сэргэ регионнааҕы ийэ хапытаала үлэлиир, иккис оҕоҕо, быйыл маннык көмөнү 1295 ыал ылла. 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт оҕоҕо маннык көмө кээмэйэ 207 943 солк буолла», – диэтэ Волкова.
Кини бэлиэтээбитинэн, үһүс уонна онтон кэлэр оҕолорго ыйдааҕы төлөбүр көрүллэр: «Быйыл маннык көмөнү 11 154 ыал ылар. Арктикаҕа — 25 552 солк, киин улуустарга — 21 403 солк».
This post was published on 27.10.2022 13:28 13:28