2023 сыл тоҕус ыйын түмүгүнэн, Дьокуускайга «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер резиденнэрин дохуота 1,5 млрд солк куоһарда. Ол туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анатолий Семенов иһитиннэрдэ, суруйда регион салалтатын пресс-сулууспата.
«Үлэ кыбаартала» «Якутия» инникилээн сайдар территорияҕа (ТОР) киирсэр. Кластерга преференцияттан киирэр экономика көрдөрүүтэ 2023 сылга 40 мөл солк, диэтэ Семенов. Саха сирин экономикатыгар киирэр инвестиция уопсай иэнэ бүтэһик биэс сылга 2 трлн солк буолла.
Креативнай кластерга 70 тэрилтэ баар, кинилэр 527 миэстэтин таһаардылар. Анатолий Семенов үчүгэй ситиһиилээх бырайыактарынан — Most сыһыарыыны уонна «Маркетплейс» уонна «Сертификаты» сервистэри ааттаталаата.
Бырайыактар өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа үлэ миэстэтин таһарыылара саамай суолталаах хайысхаларынан буолар, билигин 9,1 тыһыынча буолла, бу чыыһыла 11,8 тыһыынчаҕа тириэрдиллиэхтээх.
This post was published on 01.12.2023 12:33 12:33