"Үлэ киһитэ" хаартысканан күрэххэ кыттарга тиэтэйиҥ

«Якутия» хаһыат уонна СӨ биир идэлээхтэр Союзтарын федерацията тэрийбит күрэҕэ салҕанар. 


Кыайыылаахтар икки номинациянан бэлиэтэниэхтэрэ: хаартыскаҕа сөбүлээн түһэрээччилэр уонна идэтийбит фотографтар. Бастаабыттарга 50-нуу тыһ.солк. суумалаах сыаналаах бириис олохтонуо.

Хаартыскаҕа үлэһити уонна үлэни көрдөрөр дьүһүйүү ойууланыахтаах.

Үлэлэри муус устар 22 күнүгэр диэри редакция электроннай аадырыһыгар: yakutia@sakhamedia.ru. ыытаргытын күүтэллэр.

Куонкурус балаһыанньата «Якутия» хаһыат 2015 сыл от ыйын 14 күнүнээҕи нүөмэригэр бэчээттэммитэ.

This post was published on 09.03.2016 18:42 18:42