"Үлэ киһитэ" бириэмийэ сылын аайы бэриллэр буолуоҕа

«Үлэ киһитэ» бириэмийэ Саха сиригэр сылын аайы бэриллэр буолуоҕа. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ ыҥырыытыгар эттэ.

Регион баһылыга 2023 сыл өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылынан биллэриллибитин санатта. Үлэҕэ убаастабыл үчүгэй олоххо сирдиирин, бу инникитин тирэх буолан, уопсастыбаҕа туһаны аҕаларын эттэ.

«Маннык үлэни салгыыбыт. Хамсааһыны өйөөн, «Үлэ киһитэ» бириэмийэни сылын аайы олохтуур туһунан быһаарыы ылынным», — диэтэ Айсен Николаев.

This post was published on 22.12.2023 14:01 14:01