Бириэмийэҕэ хандьыдааттары талыы үс түһүмэҕинэн ыытыллар.
Министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр киирбит сайаапкалартан бастыҥнары талан, Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтигэр кулун тутар 20 күнүгэр диэри тиэрдэллэр. Үһүс түһүмэххэ анал хамыыһыйа үлэлээн, кыайыылаахтары быһаарар.
Бу бириэмийэни Саха сиригэр бастайааннай олорор дьон, саастарыттан уонна ыстаастарыттан тутулуга суох, ылар кыахтаахтар. Сүрүн ирдэбилинэн, үлэһит сыл түмүгүнэн үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлээх, айымньылаах көрүүлээх, идиэйэлээх, саҥаны киллэриилээх, уопуттаах, эдэр исписэлиистэргэ настаабынньык быһыытынан көмөлөһөр буолуохтаах.
Сиһилии иһитиннэриини бу сигэнэн киирэн билсиҥ: https://mintrud.sakha.gov.ru/sotsialnoe-partnerstvo4/Premiya-
This post was published on 20.01.2025 16:07 16:07