Бастакы күн Михаил Николаевич улууспут баһылыгын А.Т. Ноговицыны кытта көрсөн кэпсэттэ. Салгыы Төлөй нэһилиэгэр тиийэн Д.В. Смирников салайар “Олокоос” бааһынай хаһаайыстыба үлэһиттэрин кытта көрүстэ, үлэлэрин-хамнастарын билистэ. Быйыл күһүн саҥа үлэҕэ киирбит 50 ынах сүөһү турар аныгылыы тииптээх хотону көрдө.
Үлэ Геройа салгыы агро-оскуолаҕа тиийэн Төлөй нэһилиэгин баһылыга Н.И. Аммосовы, нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэрин, оскуола учууталларын, үөрэнээччилэрин, бааһынай хаһаайыстыба салайааччыларын, эдэр фермердэри кытта атах тэпсэн олорон истиҥник кэпсэттэ.
Михаил Николаевич сааһын тухары племенной ынахтары иитиинэн, ыаһынынан дьарыктанар. Онуоха бөһүөлэктэн 6-7 биэрэстэ тэйиччи сытар Убаһалаах диэн өбүгэлэрин сайылыктарыгар бааза тэринэн олорбута ырааппыт. Билиҥҥитэ 87 сүөһүлээх, онтон 50-чата — ыанньык. Онуоха 1987 сылтан саҕалаан хаһаайыстыбатыгар голштинско-фризскэй боруода сүөһү удьуордарын биһирээн иитэр. Маннык боруодалар аны икки көрүҥҥэ арахсаллар үһү: үүт уонна эт хайысхалаахтарга. Хас биирдии ынаҕыттан сылга ортотунан 2 аҥаардыы тонна кэриҥэ үүтү ыырын этэр. Үлэтин үөрүйэхтэриттэн билиһиннэрбитинэн, ыанньыктарын уонна борооскуларын улахан тымныы түһүөр диэри, ол эбэтэр сэтинньи ый устата таһырдьа аһатар эбит. Сүөһүлэрин бука барыларын ойбоҥҥо уулатар, ынахтара төрөөбүттэрин кэнниттэн ыабакка эрэ, икки ый устата барытын ньирэйдэригэр эмтэрэр. Оччотугар, ньирэйдэрэ дьылы-күнү тулуйумтуо, төрөлкөй буолаллар эбит. Оттон араарда да, туспа тутар уонна суоскаттан аһатыыга көһөрөр. Сыыйа хоруудаттан аһыырга үөрэтэр. Ньирэйдэр сыл устата быһа холоон 300-түү киилэ улааталлар. Михаил Николаевич билигин 25 борооскуну кыстатан туруорар. Үүт хайысхатыгар үлэлиир буолан, оҕус борооскуларын дуогабарынан атыылыыр.
Саҥа төрөөбүт ынаҕы 10 күн устата хотоҥҥо сылаас уунан уулатыы үгэһэ биһиэхэ кытаанахтык тутуһуллар эбит буоллаҕына, кини ынаҕын кэнэҕэскитэ кэллэ да, ойбоҥҥо уулата ыытар эбит. Биллэн турар, сүөһүлэри онно эрдэттэн үөрэтии эрэйиллэр. Ыанар ынах хайаан да тоттоҕуна эрэ элбэх үүтү биэрэр, онон оту харса суох сиэтэргэ, эбии аһатарга сүбэлиир. Эбии аһатарыгар комбикорму ууга-хаарга, бөлөнөххө булкуйбакка, аҥардастыы сиэтэр. Сайыҥҥы кэмнэргэ, үүтү ыаһын ыйдарыгар ынах тото-хана мэччийэн кэлбитин кэннэ, сарсыардааҥы ыамы 9-10 чааска, оттон киэһээҥини 9-10 чааска саҕалыыр эбит. Маннык боруодаттан удьуордаах ынахтар сириннэрин массаастыыр наадата суох. Хас биирдии эмиийдэрэ тэбис-тэҥ буолан, электродойкаҕа олус бэркэ ыаналлар үһү. Онон этэттээһиҥҥэ наадыйбаттар. Аны маннык ынахтар электродойка тыаһаата да, ыана охсоору, улахан хомуйтарыыта суох бэйэлэрэ кэлэллэр. Михаил Николаевич бу улахан хаһаайыстыбатыгар аймахтарыныын 2-3 буолан үлэлииллэр. Онуоха үүт хайысхатыгар ылсан үлэлиир буолан, сүрүннээн ыанньык сүөһүнү туталлар. Оҕуһу идэһэҕэ анаан иитэллэр. Онуоха тиҥэһэ киирэр оҕус холун ыйааһына быһа холуйан 150-160-ча буолар эбит.
Үлэ Геройа М.Н. Готовцев тус үлэтин-хамнаһын туһунан итинтэн да атын үгүһү кэпсээтэ. Кини билиһиннэрбитинэн, голштинско-фризскэй боруода оҕус сиэмэтэ ааспыт сылтан “Сахаплемобъединениеҕа” сакаастанан кэлбит. Онон ынах сүөһүнү иитиинэн дьарыктанар чааһынай уонна бааһынай хаһаайыстыбаларга итинник боруода сүөһү сиэмэтин улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын туһааннаах специалистарын нөҥүө сакаастыырга сүбэлиир. Олохтоох ынах сүөһүлэр боруодаларын тупсарыыга чуолаан, голштинскай боруоданы тэнитиигэ утумнаахтык үлэлииллэригэр этэр. Оччотугар, хаан уларыйан, аны 3-4 сылынан төрүөх кэлбитинэн барыаҕа. Михаил Николаевич үлэтин уопутун төһө олоххо киллэрэн эрэллэрин билсэ өссө да кэлэ сылдьыах буолла.
Онтон “Азаана” бааһынай хаһаайыстыбаны өр сылларга салайан олорбут Е.Е. Адамов дьиэ кэргэнигэр сылдьан ыалдьыттаата. Адамовтар Саха сирин биллиилээх дьонноругар анаабыт автограф-альбомнаахтар эбит. Онно М.Н Готовцев тус баҕа санаатын суруйда.
Салгыы Үлэ Геройа “Чурапчы” ТХПК-ка сылдьан үлэни-хамнаһы билистэ, А. Федотов аатынан спортивнай комплексы көрдө, ЧГФКСИ-гар ыалдьыттаата. Маны тэҥэ Мындаҕаайыга тиийэн соторутааҕыта үлэҕэ киирбит сүөһү иитэр комплекска үлэни-хамнаһы билистэ, үлэһиттэри кытта көрүстэ. Бу нэһилиэккэ ааспыт сылга красно-пестрай боруода сүөһүлэр аҕалыллыбыттара. Михаил Николаевич билиһиннэрбитинэн, ити сүөһүлэр семминталь уонна голштинско-фризскэй боруодалартан төрүттээхтэр эбит. Онон иитэн-аһатан сүөһү төрдө оҥостоллоругар сүбэлээтэ.
Мугудайга тиийэн “Чараҥ” агрокластерга сылдьан, граҥҥа тиксибит эдэр фермердэри, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар эдэр дьиэ кэргэттэри кытта көрсөн кэпсэттэ, үлэҕэ-хамнаска кэскиллээх сүбэни-аманы биэрдэ.
This post was published on 28.01.2016 12:05 12:05