Саха сиригэр 2 млрд тахса солк сылын аайы биэнсийэлэрин кээмэйэ, ханнык эрэ биричиинэнэн, тиийинэн олоруу кээмэйиттэн кыра үлэлээбэт биэнсийэлээхтэри материальнай хааччыйыыга ыытыллар, СИА-ҕа үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Кинилэр биэнсийэлэригэр эбии регионнааҕы социальнай төлөбүр оҥоһуллар. Кэлэр сылга эбии төлөбүр орто кээмэйэ 4,6 тыһ солк буолуоҕа, 36 тыһ киһи туһаныаҕа.
Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ бэтэрээннэрин өйүүр бырагыраама үлэлиир. Маннык категорияҕа 116 тыһ киһи ааҕыллар, кинилэргэ анаан сылга уопсайа 4 млрд солк көрүллэр. Бу өрөспүүбүлүкэ сокуонугар олоҕурар ыйдааҕы харчынан көмө, ол иһигэр олорор дьиэ иһин төлөбүр уонна коммунальнайы уйунууга, санаторнай-курортнай эмтэниини ааһарга, уопсастыбаннай тырааныспарынан туһаныыга.
Быйыл өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата улуу сэрии кыттыылаахтарын (дьиэнэн хааччыллыбаттары) олорор дьиэлэрин капитальнай өрөмүөнүн ыытыыга үп көрдө. Биир квартираҕа 180 тыһ солк саҕалаан, 325 тыһ солк чааһынай дьиэҕэ диэри суума көрүллэр. Тыыл бэтэрээннэрин дьиэлэрин быстах өрөмүөннэригэр 30 — 50 тыһ солк биэрии салҕанан барар.
Улуу сэрии бэтэрээннэрин биирдиилээн категорияларыгар чааһынай дьиэлэрин кииннэммит ититиигэ холбооһун, гааһы киллэрии, уотунан ититиини биэриигэ биир кэмнээх көмө эмиэ көрүллэр.
This post was published on 21.10.2020 18:01 18:01