Ким үлэ бэтэрээнэ буолар кыахтааҕый уонна туох чэпчэтиинэн туһанарый? “Үлэ бэтэрээнэ” уонна “СӨ үлэ бэтэрээнэ” диэн ааттар туох уратылаахтарый?
“Үлэ бэтэрээнэ” аат ССРС, РФ уордьаннарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыт, бочуоттаах званиелары ылбыт, РФ бэрэсидьиэнин Бочуотунай грамотатынан, Махтал суругунан, эбэтэр үлэҕэ ситиһиилэрин иһин биэдэмэстибэ бэлиэлэринэн наҕараадаламмыт дьон ылаллар, эр дьон кырата 25, дьахталлар 20 сыл ыстаастаах буолуохтаахтар.
“СӨ Үлэ бэтэрээнэ” ааты ылаллар:
— “ХОТУГУ СУЛУС” УОРДЬАНЫНАН, “ГРАЖДАНСКАЙ КИЛБИЭН” БЭЛИЭНЭН НАҔАРААДАЛАММЫТ, “СӨ БОЧУОТТААХ ГРАЖДАНИНА” ААТЫ, “ҮТҮӨЛЭЭХ ҮЛЭҺИТ” ААТЫ ЫЛБЫТ ДЬОН; ТҮӨРТЭН ЭЛБЭХ ОҔОНУ ТӨРӨППҮТ (ИИТЭ ЫЛБЫТ) УОННА 8 СААСТАРЫГАР ДИЭРИ ИИППИТ ДЬАХТАЛЛАР. ЭР ДЬОН 25, ДЬАХТАЛЛАР 20 СЫЛ ЫСТААСТААХ БУОЛУОХТААХТАР.
— 2005 СЫЛТАН “БАЙЫАННАЙ СУЛУУСПА БЭТЭРЭЭНЭ”, “СУДААРЫСТЫБАННАЙ СУЛУУСПА БЭТЭРЭЭНЭ” ААТЫ ЫЛБЫТ ДЬОН;
— ДЬАХТАЛЛАР 35, ЭР ДЬОН 40 СЫЛ ҮЛЭ ЫСТААСТААХ, БИЭНСИЙЭҔЭ ТАХСАР СААСТАРЫН СИППИТ ДЬОН (НАҔАРААДАЛАР, ЗВАНИЕЛАР УЧУОТТАММАТТАР).
2016 сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбатын уурааҕынан, “Үлэ бэтэрээнэ” ааты иҥэрии туһунан саҥа балаһыанньа оҥоһуллубута. Бу уларыйыы 2016 сыл от ыйын 1 күнүттэн ыла оҥоһуллар дьыалаларга сыһыаннаах.
Ол чэрчитинэн, “Үлэ бэтэрээнэ” аат РФ Бочуоттаах званиеларынан наҕараадаламмыт, бэйэлэрин эйгэлэригэр 15-тэн кырата суох сыл үлэлээбит уонна 20 сыл (дьахталлар), 25 сыл (эр дьон) ыстаастаах дьон ылаллар.
Үлэ бэтэрээнигэр туох чэпчэтии көрүллэрий?
— ЫЙДААҔЫ ХАРЧЫНАН ТӨЛӨБҮР (ЕДВ) ҮЛЭ БЭТЭРЭЭННЭРИГЭР — 1057 СОЛК.;
— 60-ТАН ҮӨҺЭ СААСТААХ ҮЛЭЛЭЭБЭТ ҮЛЭ БЭТЭРЭЭННЭРИГЭР ҮС СЫЛГА БИИРДЭ САХА СИРИН ИҺИНЭЭҔИ САНАТОРИЙГА ЭМТЭНЭ БАРАРЫГАР ПУТЕВКА 80 БЫРЫҺЫАНА ХАРЧЫНАН, ЭБЭТЭР ПУТЕВКА 20 БЫРЫҺЫАНА ЧЭПЧЭТИЛЛЭН БЭРИЛЛЭР.
— ХОМУНААЛЫНАЙ ӨҤӨҔӨ 1604 СОЛК. ТӨЛӨБҮР.
Оттон Арассыыйа бэтэрээннэрэ өрөспүүбүлүкэ бэтэрээннэриттэн туох уратылаахтарый?
Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ бэтэрээннэригэр көрүллэр төлөбүрдэр Арассыыйа бэтэрээннэрин киэниттэн уратылара суох. Ол эрээри бэтэрээн Саха сирин тас өттүгэр таҕыстаҕына, CӨ чэпчэтиилэрэ ааҕыллыбаттар.
This post was published on 31.01.2018 17:00 17:00