«Өлбөт үйэлээх полк» – норуот көҕүлээһинэ

СӨ үтүөлээх юриһа, үрдүкү профессиональнай үөрэхтээһин туйгуна Вильям Иванов 2009 сылтан СӨ сэрии, үлэ, сэбилэниилээх күүстэр уонна быраабы араҥаччылыыр уорганнар бэтэрээннэрин (пенсионердар) уопсастыбаннай тэрилтэлэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбитэ. 2015 с. уопсастыбаннай тэрилтэ отчуоттуур-быыбардыыр конференциятыгар Будимир Слепцов бэйэтин оннугар Вильям Иванов кандидатуратын туруорбута. Конференция делегаттара биир санаанан Вильям Очировиһы талбыттара.


Бүгүн Вильям Очирович Кыайыы күнүнэн биһиэхэ ыалдьыттыыр.

– Уопсастыбаннай үлэ урукку үлэбиттэн быдан атын. «Бэтэрээннэр, кырдьаҕастар кыһалҕаларын быһаарартан хоскуттан тахсыаҥ суоҕа», – диэн эрдэттэн сэрэппиттэрэ. Оннук буолар буоллаҕа. Хас биирдии кырдьаҕас кыһалҕатын быһаартаран да баран, кэпсэтэ олоруон, санаатын сайа этиэн баҕарар. Ол өйдөнөр. Кинилэр дьиэлэригэр төһө да усулуобуйалаахтарын иһин, уопсастыба ортотугар сылдьарга, кимиэхэ эрэ наадалаах курдук сананарга дьулуһаллар.

Биһиги юридическай статустаах, устааптаах уопсастыбаннай тэриллии буолабыт. Биэс сылга биирдэ отчуоттуур-быыбардыыр конференция ыытабыт. Ол икки ардыгар пленум ыытыллар, пленумҥа араас салаалартан 11 чилиэн талыллар. Ону сэргэ улуустарга, нэһилиэктэргэ бэтэрээннэр сэбиэттэрэ бааллар. Сорохтор юридическай статустаахтар, сорохторго суох. Билигин бары юридическай статустаналларыгар этэбит. Араас граннарга, субсидияларга юридическай статустаах эрэ буоллахпытына, кыттар бырааптаахпыт. Биһиги төһө да өрөспүүбүлүкэтээҕи статустаахпыт иһин, уопсастыбаннай тэриллии буоламмыт бас билэр харчыбыт суох. Өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан субсидия көрүллэр. Ону эмиэ дьаһалларбыт былаанын, бырагырааматын оҥорон анал хамыыһыйаҕа дакаастаатахпытына эрэ ылабыт.

«Патриотизм» диэн кураанах тыл буолбатах. Онуоха биир үтүө үгэһи бэлиэтиэхпин баҕарабын. Саас аайы Өймөкөөҥҥө көмүсчүттэр үлэлэрин саҕалыыллар. Биир сезоҥҥа төһө кыһыл көмүһү хостообуттарын барыллаан ааҕаллар. Ол иһин, бастакы партия үлэтиттэн туһааннаах бырыһыаны булгуччу бэтэрээннэр сэбиэттэригэр аныыллар. Онон, бу улуус бэтэрээннэрин сэбиэтин үлэтэ эмиэ ситиһиилэнэр. Холобур, улуус киинигэр уонна нэһилиэктэргэ баар пааматынньыктарын хара гранитынан саҥардыбыттара. Сэриигэ баран, атын сиргэ көмүллүбүт биир дойдулаахтарын уҥуоҕар тиийэн өрөмүөннүүллэр эбэтэр эбэтэр саҥаны туруораллар. Онон бэриллибит үптэрин-харчыларын чопчу бэтэрээннэр тустарыгар тутталлар.

– Улуустарга «Бэтэрээн күнүн» тэрийэн дьон-сэргэ махталын ылар эбиккит. Этэргэ дылы, атах тэпсэн олорон элбэҕи быһаараргыт буолуо?

Бэтэрээннэр уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ тутуһар хайысхата кабинекка олорон эрэ үлэлээһин буолбатах. Ол иһин, аныгы олоххо сөп түбэһэр атын сонун хайысхалары көрдүү сатыыбыт. Холобур, улуустарга «Бэтэрээн күнүн» тэрийэбит. Биэс сыл устата 15 оройуону хаптыбыт.

Урукку курдук, тахсан лекция ааҕыыны аны ким да сэҥээрбэт. Кинилэр, бастатан туран, кыһалҕалаах уонна интэриэһиргиир боппуруостарыгар эппиэт ылыахтарын баҕараллар. Ол иһин, биһиги министиэристибэлэртэн, биэдэмэстибэлэртэн туһаааннаах исписэлиистэрдээх кэлэбит. Кырдьаҕастарбыт аан дойду балаһыанньатыгар тиийэ сонуннары билэ-көрө, быһаарса олороллор. Биһигинниин атах тэпсэн олорон кэпсэттэхтэринэ, олус астыналлар. Өссө бэйэлэрин сакаастарынан кинилэргэ суох «узкай» идэлээх быраастары илдьэ кэлэбит. Биллэн турар, биир-икки күн иһигэр барыларын кыайан көрбөттөр. Ол гынан баран, быраастарбыт сарсыардаттан уочарат бүтүөр диэри үлэлииллэр.

– Былырыын, Кыайыы 70 сылын көрсө Улуу сэрии кыттыылаахтара биир да киһи ордубакка дьиэнэн хааччыллыбыттара дуо?

2009 сылтан Кыайыы 70 сылыгар диэри 1453 бэтэрээн тупсаҕай дьиэлэммитэ. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, куорат эрэ олохтооҕо буолбакка, улуустарга олорор бэтэрээннэр куоракка дьиэ ылбыттара. Куоракка сэрии 1120 кыттыылааҕа, инбэлиитэ уонна Ленинграды төгүрүктээһин кыттыылааҕа, тыыл 2856 бэтэрээнэ олорор. Онтон аҥардас сэрии кыттыылааҕын ахсаана 115 киһиэхэ тэҥнэстэ. Кинилэртэн арыый эдэрдэрэ 90 саастаахтар. Быйыл сэрии кыттыылаахтарыттан 14 киһи – 90, биир бэтэрээн балаҕан ыйыгар 100 сааһын туолуохтаахтар.Буоларын курдук, сыыппара бөҕөтүн эттим да, дьиҥэр, кырдьаҕастарбыт барахсаттар: «Биһигини сүөһү төбөтүн курдук тоҕо ааҕаҕыт?» – диэн сөбүлээбэттэр ээ.

– Хомойуох иһин, Аҕа дойду Улуу сэриитин историятын, токурутуу, бутуйуу элбээтэ. Уоттаах сэриигэ кыргыспыт бэтэрээннэрбит төһө эрэ хомойон эрдэхтэрэ?

– Биллэн турар, хомойоллор. «Демократическай хайысхалаах бэһис колонна баар буолбутуттан хомойобут. Историяны токурутар, биһигини холуннарар, баһааҕырдар хаһыаттар, кинигэлэр тоҕо тахса туралларый? Цензура тоҕо боппотуй?!» – дэһэллэр. Биһиги кинилэргэ: «Демократия, тыл көҥүлүн кэмэ. Дьиҥинэн, тыйыс идеологическай сэрии бара турар», – диэн быһаара сатыыбыт. Ол иһин, эдэр ыччаппытыгар эмиэ быһаарар үлэни элбэхтик ыытыахха наада.

Быйыл Мэҥэ Хаҥаласка Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов төрөөбүт Сыымах диэн кыра нэһилиэгэр сылдьан олус астынан кэлбитим. Манна оскуола учууталлара уонна олохтоохтор Сэбиэскэй Сойуус уонна Россия дьоруойдарын аатын сүгэр оскуолаларга слет тэрийбиттэрэ. Өрөспүүбүлүкэттэн уон оскуола кыттыбыта. Эстафета курдук бэриллэн, аныгыскыга атын оскуолалар ыытыахтаахтар. Маннык патриотическай, идеологическай хамсааһыннар туһаттан атыны аҕалыахтара суоҕа. Юридическай факультекка бастакы кууруска кэлбит устудьуоннар сорохторо Александр Матросов, Зоя Космодемьянская уо.д.а. дьоруойдары билбэттэриттэн, олох атын өйдөбүллээхтэриттэн соһуйабын. Ыксааммын БКЭ боппуруостарын анаан-минээн көрбүтүм уонна биирдиилээн дьоруойдар тустарынан биир да боппуруос суоҕуттан соһуйбутум.

– «Өлбөт үйэлээх полк» («Бессмертный полк») сэлэлии хаамсыыта үтүө үгэскэ кубулуйда. Ол эрээри, араастык сыһыаннаһар дьон баар. Холобур, «Өлбүт киһини сүгүн сытыарбакка… саха сиэригэр-туомугар сөп түбэспэт» диэбит курдук этэллэрин истэбит. Эн санааҕар?

– Сахаларга өлбүт киһини кистээн баран, кэлин улаханнык сылдьыбат үгэс баар. Нуучча омук, төттөрүтүн, «родительский день» диэн биир анал күннээх. Ону ким да боппот, хас биирдии киһи, омук бэйэтин көрүүтэ.

Оттон «Өлбөт үйэлээх полк» өйдөбүлэ букатын атын. Тоҕо диэтэххэ, бу – эдэр ыччакка алдьархайдаах сэрии өйдөбүлэ уонна кэриэстэбилэ. Биһиги төһө да ыраах олорбуппут иһин, Саха сириттэн 63 тыһыынча киһи сэриигэ барыыта кыра өрөспүүбүлүкэҕэ баһаам элбэх. Аҕыйах ахсааннаах кыра омуктар сэриигэ ыҥырыллыбаттарын туһунан анал бирикээс баарын үрдүнэн, баҕа өттүнэн барбыттара. Ыччаттарбыт ону билиэхтээхтэр уонна кинилэргэ сүгүрүйүөхтээхтэр. Билиҥҥи ыччаты аҥардас кинигэнэн, киинэнэн уо.д.а. ииппэккин, туох эрэ материальнай баар буолуохтаах. Мин «полк» идеятын үөһэттэн ким да соҥнооһуна, бирикээстээһинэ суох норуот бэйэтин баҕатынан үөскээбит хамсааһынын курдук сыаналыыбын. Өлбүт дьон мэтириэттэрин тутан хаамыы эрэ диэн буолбатах – идеологическай, политическай суолталаах, кылаабынайа, ким да дьаһал биэрбэтэҕин үрдүнэн, киһи бэйэтин баҕатынан, суобаһа тугу этэринэн кыттар. Ону утарсааччылар, идеологическай «абааһылар» бааллар. Былырыын итинник мэтириэттэри быраҕан кэбиспиттэрин курдук соруйан оҥорон, хаартыскаҕа түһэрэ-түһэрэ тарҕаппыттарын өйдүүбүт…

Онон мин санаабар, «Өлбөт үйэлээх полк» биһиги итэҕэлбитин, сиэрбитин-туоммутун кэһии буолбатах. Тоҕо эрэ улуу классиктарбыт мэтириэттэрин куруук илдьэ, кэриэстии сылдьабыт дии. Ити барыта норуоту сомоҕолуур, көлүөнэлэри сибээстиир.

– Инники былааннаргыт?

Кыайыы 75 сылыгар бэлэмнэнии үлэтэ номнуо барар. СӨ Ил Дархана Егор Борисов дьаһала тахсыбыта. Былааммытын оҥорон киллэрбиппит. Ол иһигэр, Гериатрия киинин иккис уочаратын, балыыһалары тутууну. Кылаабынайа, кырдьаҕастарга социальнай дьиэни тутууну туруорустубут. Билигин итинник дьиэ куоракка баарын баар да, миэстэтэ аҕыйах. Дьон өйө-санаата уларыйда, кырдьаҕастар үгүстэрэ оҕолоругар, сиэннэригэр мэһэй буолумаары, нус-хас туспа олоруохтарын баҕараллар. Ону сорохтор дьиэлэннибит диэн үөрэн, приватизациялыы сатыыллар. Социальнай дьиэн анабыла атын. Социальнай дьиэҕэ олорор киһи бу олохтон туораатаҕына, дьиэ ыларга аныгыскы уочараттаах киһи ылар. Бу туруорсуубутун СӨ бырабыыталыстыбата өйүүр курдук.

Бу күннэргэ Кыайыы 71 сылын дьаһаллара киэҥ хабааннаахтык ыытылыннылар. Куорат араас тэрилтэлэрэ бэйэлэрин бэтэрээннэрин, кырдьаҕастарын ыҥыран эҕэрдэлээтилэр. Кинилэр бары үөһэттэн ыйыынан дуу, үлэ былаанын толороору эрэ буолбакка, ис сүрэхтэн кыһаллан-мүһэллэн ыыталлара көстөр. Эдэрдиин-кырдьаҕастыын маанытык таҥнан-симэнэн хор тэринэн, биирдиилээн да нүөмэрдэринэн, испэктээкиллэринэн биһигини үөртүлэр. Бүтүн кэлэктиибинэн кытталлар. Дьиҥэр, хас биирдии ыалы сэрии дуораана таарыйдаҕа дии… Ону билиҥҥи ыччат үксэ өйдүүр, кэриэстиир.

Үлэм төһө да стрестээҕин иһин, олус интэриэһинэй. Ардыгар бэйэм бэйэбиттэн күлэбин ээ. ХИФУ-га юридическай факультекка преподавателлыыбын. Онно устудьуоннарбыт: «Оҕонньорбут кэллэ», – диэн сибигинэһэллэр. Оттон бэтэрээннэрбэр кэллэхпинэ: «Оо, эдэр уолбут кэллэ!» – диэн үөрэ түһэллэр. Хайатыттан да өһүргэммэппин.

This post was published on 09.05.2016 15:23 15:23