9 Балаҕан ыйа 09.09
  • $ 89,82
  • 99,72

Өлбүт буойуттары Дьокуускайга ахтан-санаан аастылар

14:04, 23 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ салалтата, норуот депутаттара, куорат дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэрэ Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр Дьокуускага баар «Ильмень үрдүнэн туруйалар» мэҥэ бэлиэҕэ тыыннах сибэккини уурдулар.

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Анатолий Добрянцев Аҕа дойду сэриитигэр элбэх киһи сырдык тыына быстыбытын, бу сэрии киһи аймах историятыгар саамай элбэх сүтүктээх, хаан тохтуулаах буолбутун бэлиэтээтэ. 1943 сыллаахха Ильмень күөлгэ буолбут кырыктаах ытыалааһыҥҥа саха саллааттара баалларын санатта.

«Бу күн Саха сирин олохтоохторугар ураты улахан суолталаах. 1943 сыллаахха, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии муҥутаан турар кэмигэр саха саллааттара Ильмень күөлгэ тыыннара быстыбыта. Кинилэр хорсун быһыыларын ордук улаатан иһэр көлүөнэ өйүттэн-санаатыттан, сүрэҕиттэн-дууһатыттан сүтэриэ суохтаах», — диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай.

Хайыһардьыттар 19-с туспа биригээдэлэрэ 15 эрэ күн устата баар буола сылдьыбыта. «Олунньу 23 күнэ үүнэр түүнүгэр 597 биһиги биир дойдулаахтарбыт Ильмень күөлгэ утарсааччы авиация минометунан ытыытыгар түбэспиттэрэ. Кинилэр баһыйар үгүстэрин тыына ити күөлгэ быстыбыта», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ байыаннай хамыһаара Николай Тряпша.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА