России бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кыргыһыыга өлбүт байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр хапытаалынай өрөмүөн төлөбүрүн толуйар туһунан сокуону бигэргэттэ. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.
Көҕүлээһин Конституционнай суут 2020 сыл олунньу ыйыгар «Байыаннай сулууспалаахтар статустарын туһунан» сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан быһаарыытыгар олоҕуран оҥоһулунна.
Федеральнай сокуонунан 20 уонна онтон элбэх сыл сулууспалаабыт, кыргыһыыга өлбүт байыаннай сулууспалаахтар, ону тэҥэ ситэриилээх былаас ураты федеральнай уорганнарын үлэһиттэрин дьиэ кэргэттэригэр, бэйэлэрин бас билиилэригэр баар олорор дьиэлэрин компенсацияланар ороскуоттарын испииһэгэр элбэх кыбарытыыралаах дьиэлэр уопсай хапытаалынай өрөмүөннэрин төлөбүрүн киллэрии олохтонно, диэн суруйар НВК «Саха».
This post was published on 03.03.2020 17:12 17:12