Өлөөҥҥө Тупсарыныы сылыгар дьиэлэри дьэрэкээн оһуордууллар

Быйыл республикаҕа тупсарыы сыла. Өлөөн ыаллара дьиэлэрин уустаан-ураннаан, сиэдэрэй көстүүлээх , хараҕы үөрдэр гына киэргэтэн оҥостор буоллулар. Билиҥҥи үйэҕэ уһанар тэрил да арааһа атыыга дэлэйэн баҕалаах киһи ылла да уһанар, оҥостор буолла.


Өлөөн улууһун хоодуот дьонугар баҕа, дьаныар уонна сүрэхтээх буолуу бастакы миэстэҕэ турар. Оннук дьиэлээх ыаллартан биирдэстэрэ , Өлөөн нэһилиэгин олохтоохторо Анна, Борис Петровтар буолаллар.

Петровтар тэлгэһэлэригэр киирээт, харахха быраҕыллар гына ойууламмыт дьиэ кэрэ көстүүтүнэн киһини үөрдэр. Алаһа дьиэлэрин туллар тутааҕа, дьиэ кэргэн ийэтэ Анна Ивановна бу курдук кэпсиир:

Дьиэбит 2011 сыллаахха көҥдөйө тутуллан бүппүтэ, онтон икки сыл оҥостон бараммыт киирбиппит. Иэнэ сэттэ да аҕыстаах уонна оһох турарыгар анаан сыһыары тутуулаах. Дьиэбитин бэйэбит оттунан олоробут, эһиил киин ититиигэ киириэхтээхпит. Кэргэним Борис бэйэтэ уһанар, оҕо эрдэҕиттэн эһэтигэр сыстан улааппыт буолан дьиэ ис-тас үлэтин ымпыгар-чымпыгар тиийэ билэр, туохтан да иҥнибэт, тутта да бүтэрэр идэлээх.

Икки уоллаахпыт, улахан уол Сережа быйыл ЯГИТИ-га бастакы курс студена буолла, Виталий 8-с кылааска үөрэнэр. Оһуору лобзигынан быһан оҥорууга дьиэбит тутулларын саҕана үөрэммитим. Бастаан сатаабат этим, баҕаран туран оҥордоххуна табыллар, кылаабынайа сүрэхтээх буолуохха наада, онтон үөрэнэн барбытым, билигин чэпчэки. Оһуордарбын, ойууларбын интернеттэн, сурунааллартан, кинигэлэртэн көрөн сөбүлээбиппин туһанабын. Дьиэ тутулуттан көрөн сакааска оҥоробун, урут хаптаһынынан быһар этим, билигин халыҥ фанераны туттар буоллум, хаптаһын тостон эҥин хаалар, таһырдьа турар буолан хараарар. Фанераны эмиэ син-биир кырааскалаатахха тулуһар, ол эрэн хаптаһыннааҕар үчүгэй матырыйаал. Бэйэм дьиэм оһуора бастаан хаптаһын этэ, ону фанеранан уларыппытым.Сакааска түннүк наличнигын оҥортороллор, батарея сабыыта, сарайдарыгар оһуордаталлар. Ким тугу баҕарарынан, сорохтор матырыйаалын биэрэллэр, үксүн бэйэм матырыйаалбын туттабын. Сайыҥҥы өттүгэр таһырдьа уһанабын, кураан күннэргэ үчүгэй. Инники былааммытыгар иистэнэргэ, уһанарга диэн анал мастарыскыай оҥостуохпутун баҕарабыт.

Анна бэйэтэ Уус Алдан Тандатыттан төрүттээх, бииргэ төрөөбүт бэһиэлэр, бары ыал буолан дойдуларыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Манна кэлэн ыал буолан унаар буруону унаарытан олохсуйбута 18 сыл буолбут, аптекаҕа бухгалтерынан үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар. Унтууну, тыаҕа кэтэр таҥаһы тигэргэ үөрэммит. Аҕалара Борис Николаевич Ээйиккэ төрөөбүт-үөскээбит, элбэх бииргэ төрөөбүттэрдээх.

«Саҥа саҕалыыр дьоҥҥо көмөлөс диэтэхтэринэ үөрүүнү кытта көрдөрөн биэриэм этэ , дьиэ ис-тас бараана кыраһыабай, кэрэ буоллаҕына киһи өйө санаата, дууһата сынньанар» — диир кини.

This post was published on 23.09.2016 12:11 12:11