Өлөөҥҥө табаһыттар тустарынан киинэ уһуллуоҕа

Киинэ сылынан сибээстээн, улууска бэрт интэриэһинэй ис хоһоонноох киинэ уһуллара былааннанар.


Киинэҕэ ааспыт үйэ 30-40 сылларыгар Өлөөн табаһыттарын олохторо ойууланыаҕа. Бу олоххо дьиҥнээхтик буолбут түбэлтэ туһунан пьеса суруйарга биллиилээх прозаик Баһылай Харысхал ылсыбыт. Кини айымньытын нууччалыы тылынан суруйбут. Ол курдук, 1937 с. Дьэлиҥдэ нэһилиэгэр тиф ыарыы турбут. Ый иһигэр 80 киһи өлбүт. Эдэркээн биэлсэр нуучча кыыһа бэйэтигэр анаммыт пенициллин укуолу кырачаан кыыска биэрэн, өлүүттэн быыһаабыт.

Аны сценарий суруйан, режиссеру талан, киинэ оруолларыгар дьону көрдөөн, улахан тэрээһин үлэ саҕаланаары турар.

«Саха сирэ» хаһыаттан.

This post was published on 25.03.2016 15:38 15:38