Өлөөҥҥө сүппүт дьонтон биирин өлүгэ булулунна

Хаартыска: ЯСИА саайта

Чэппиэргэ, сэтинньи 7 күнүгэр, Өлөөн оройуонугар муус анныгар барбыт хаар көлөтө булуллубут сириттэн 300 м аллара сүүрүк хоту биир киһи өлүгэ булулунна.

Хаар көлөтө сэтинньи 3 күнүгэр булуллубута, техниканан икки киһи айаннаан испитэ биллэр. Бүгүн биир киһитин өлүгэ көһүннэ. Көрдүүр үлэни күүһүрдүүгэ Быыһыыр сулууспа водолазтара кытталлар.

«Эбэ ити сиринэн сүүрүгэ күүстээх. Эр киһи өлүгүн 300 м тэйиччи буллубут. Миэстэлэринэн өрүс сиикэй сытар, кыдьымах тахсар. Биһиги водолазтарбыт анал уу анныгар көрөр камералардаахтар, онон киһини булууга кыаҕы улаатыннараллар», — диэтэ сулууспа начаалынньыга Иннокентий Андросов.

Төһө да тымныылар турбуттарын иһин, мууска тахсыы сэрэхтээх. «Ордук күүстээх сүүрүктээх өрүстэр сэрэхтээхтэр, онно сиикэй сытар сирэ элбэх буолар. Саха сирин олохтоохторун мууска тахсартан туттунаргытыгар, олоххутун харыстааҥ диэн ыҥырабыт», — диэтэ Андросов.

This post was published on 07.11.2024 16:01 16:01