Бүгүн сарсыарда сайтпытыгар «Ыарыһах ийэ оҕотун өлөрдө» диэн төбөлөөх иһитиннэриибит бэчээттэммитэ. Онно Дьокуускай куоракка психическэй ыарыылаах ийэ 9 саастаах кыыһын өлөрбүтүн туһунан суруйбуппут.
Санатар буоллахха, бу дьыл кулун тутар 16 күнүгэр киин куорат Хабаров уулуссатын 27/4 дьиэтин таһыгар 38 саастаах дьахтар чыскынан 9 саастаах оҕотун бүттэтэ суох кэйгэллээн баран, тимир гараас анныгар кистээбитин булбуттара.
Бу чахчынан «кыра саастаах оҕону өлөрүү» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллибитэ.
Кулун тутар 18 күнүгэр бу ийэ буолуохсут силиэстийэ кэмигэр хаайыллыбыта.
Силиэстийэ сабаҕалыырынан, уорбаланааччы дьахтар психоневрологическай диспансерга учуокка турар эбит.
РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрбитинэн, бу дьыала чэрчитинэн өссө иккис холуобунай дьыала тэриллибит. РФ Холуобунай кодексатын 293-с ыст. 1 чааһынан, ол эбэтэр, дуоһунастаах киһи үлэтигэр дьалаҕай быһыы бэлиэтэ баарынан.
Маны таһынан, эбии биллибитинэн, бу дьахтар бэрээдэгэ суох, сэлээр олохтооҕун иһин, улахан уолугар ийэ буолар быраабын урут быспыттар эбит.
Силиэстийэ уорганнара өскөтүн бу ыарыһах дьахтартан өйдөтөр-сэрэтэр эбээһинэстээх үлэһиттэр кыыһын эрдэ былдьаабыттара буоллар, маннык алдьархай тахсыа суоҕа этэ диэн сабаҕалыыллар.
Силиэстийэ салҕанан барар.
This post was published on 20.03.2018 18:30 18:30