Өлөөҥҥө оройуон баһылыгын быыбара болдьоҕун иннинэ буолуоҕа

Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонугар сэтинньи 22 күнүгэр болдьоҕун иннинэ баһылык быыбара ыытыллыаҕа.


СИА иһитиннэрэринэн, Саха сиринээҕи Киин быыбардыыр хамыыһыйа чахчытынан, оройуон баһылыгын дуоһунаһыгар биэс хандьыдаат  регистрацияны ааста: түөрт киһи — бэйэ туруорунуута, биир киһи — «Биир ньыгыл баартыйа» бэрэстэбитэлэ.

Николай Васильев — 1969 сыл төрүөх. Өлөөннөөҕү Биэнсийэ пуондатын управлениетын вахтер-харабыла, бэйэ туруорунуута.

Христофор Васильев — 1987 сыл төрүөх, Өлөөн национальнай нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы, бэйэ туруорунуута.

Алексей Волошинов — 1988 сыл төрүөх, «Оленек-Ситим» МАУ салайааччыта, бэйэ туруорунуута.

Лена Иванова — 1963 сыл төрүөх, Хотугу сир аҕыйах ахсааннах норуоттарын бырааптарын көмүскүүр боломуочунай, «Биир ньыгыл баартыйа» туруорда.

Владимир Кучаров — 1967 сыл төрүөх, СӨ «Суһал көмө  ыстаансыйата» ГБУ статистик-бырааһа, отдел сэбиэдиссэйэ, бэйэ туруорунуута.

Национальнай оройуон баһылыга Александр Иванов быйыл саас сүрэҕэ тохтоон олохтон туораабыта.

This post was published on 09.11.2020 16:01 16:01