Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонугар сэтинньи 22 күнүгэр болдьоҕун иннинэ баһылык быыбара ыытыллыаҕа.
СИА иһитиннэрэринэн, Саха сиринээҕи Киин быыбардыыр хамыыһыйа чахчытынан, оройуон баһылыгын дуоһунаһыгар биэс хандьыдаат регистрацияны ааста: түөрт киһи — бэйэ туруорунуута, биир киһи — «Биир ньыгыл баартыйа» бэрэстэбитэлэ.
Николай Васильев — 1969 сыл төрүөх. Өлөөннөөҕү Биэнсийэ пуондатын управлениетын вахтер-харабыла, бэйэ туруорунуута.
Христофор Васильев — 1987 сыл төрүөх, Өлөөн национальнай нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы, бэйэ туруорунуута.
Алексей Волошинов — 1988 сыл төрүөх, «Оленек-Ситим» МАУ салайааччыта, бэйэ туруорунуута.
Лена Иванова — 1963 сыл төрүөх, Хотугу сир аҕыйах ахсааннах норуоттарын бырааптарын көмүскүүр боломуочунай, «Биир ньыгыл баартыйа» туруорда.
Владимир Кучаров — 1967 сыл төрүөх, СӨ «Суһал көмө ыстаансыйата» ГБУ статистик-бырааһа, отдел сэбиэдиссэйэ, бэйэ туруорунуута.
Национальнай оройуон баһылыга Александр Иванов быйыл саас сүрэҕэ тохтоон олохтон туораабыта.