Муниципальнай оройуон дьаһалтатын быһаарыытынан Өлөөн сэлиэнньэтинээҕи оҕону көрөр-истэр киин (реабилитационнай киин) билигин үлэлии олорор дьиэтэ-уота ирдэбилгэ эппиэттээбэтинэн, «Өлөөн-Ситим» МАТ көрүүтүгэр бэриллибит толору хааччыллыылаах «Гостевой дьиэҕэ» капитальнай өрөмүөн ыытан баран, Оҕо киинигэр биэрэргэ олус наадалаах быһаарыы ылыллан, үлэ-хамнас бара турар, диэн Сардаҥа суруйар.
«Сардаҥа» хаһыат кэрэспэдьиэнэ Өлөөннөөҕү тутуу управлениета (салайааччы Николаева В.Д.) нэһилиэнньэни социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолуу управлениета (салайааччы Колодезникова Т.В.) оҕону көрөр-истэр киин (сэбиэдиссэй Степанова М.И.), бэдэрээтинэй үлэни толорооччу ИП «Шадрин В.А.» уонна оҕо киинин үлэһиттэрэ кыттыылаах, капитальнай өрөмүөн баран иһиитин туругун бэрэбиэркэлиир түгэннэригэр түбэһэн ыытылла турар үлэни-хамнаһы билистибит.
Бэдэрээт үлэтин толорооччу Владислав Шадрин ыытылла турар үлэни сиһилии билиһиннэрдэ уонна бу дьыл атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри өрөмүөнү бүтэрэр соруктааҕын иһитиннэрдэ.
Хаалбыт кэмҥэ ыытыллар сүрүн үлэлэринэн канализационы саҥардыы, электропроводкатын мантажтааһын, пожарнай сигнализациятын уонна тупсарар отделочнай үлэлэри толоруу буоларын бэлиэтээтэ.
Оҕо киинигэр анаммыт дьиэ сүрүн корпустан туспа кухня дьиэлээҕэ баһаарынай өттүнэн куттала суох буолууну хааччыйарга ирдэбилгэ эппиэттэһэр эбит.
Оҕо киинэ буолуохтаах дьиэҕэ ыытылла турар өрөмүөнү эрдэ бүтэрэр соруктаах оҕо киинин үлэһиттэрэ сууйар-сотор уонна кырааскалааһын үлэлэрин толорорго бэйэлэрин баҕаларын биллэрдилэр.
Киини тупсаран оҥорууга сакаасчытынан анаммыт «Өлөөн-Ситим» МАТ (дириэктэр Семенов Н.Г.) капитальнай өрөмүөн барыытын хаачыстыбатын көрүүгэ толоруллар үлэ хонтуруолугар эппиэттээх исписэлииһи сыһыаран үлэлэтэрэ наада буолбут.
Оҕо киинэ буолар тутуу ирдэбилэ үрдүгүнэн капитальнай өрөмүөн бара турар бириэмэтигэр үлэ хаамыытын бэрибиэркэлээһиҥҥэ пожарнай надзор, энергонадзор уонна үлэ харыстабылын исписэлииһэ кыттыыны ылыахтарын наада диэн этиилээхпит. Тоҕо диэтэххэ, үлэ практикатыгар тутуллан бүппүт тутууну үлэҕэ киллэрэр хамыыһыйа үлэлиир бириэмэтигэр “толоруллубут үлэлэр ирдэбилгэ эппиэттээбэттэр” диэн этиини элбэхтэ истэн кэллибит. Оннук түбэлтэ тахсыбатын туһугар үлэни толорооччулар надзорнай тэрилтэлэри кытта үлэ ыытыллар бириэмэтигэр бииргэ үлэлэһэллэрэ ирдэнэр.
Николай Стручков
This post was published on 24.07.2023 18:05 18:05