Манна элбэх көрөөччү кэлэн сэмэй кылааттарын киллэрдилэр, биирдиилээн дьон атыы-дьаарбаҥка тэрийдилэр, онтон киирбит харчыларын акцияҕа туттардылар. Үөрэх управлениетын, культура үлэһиттэрин тэрийиилэринэн аһымал акцияҕа аналлаах кэнсиэр буолла. Харыйалаах, Дьэлиҥдэ, Ээйик нэһилиэктэриттэн биирдии ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр, ансаамбылынан кэлэн кыттыбыттара көрөөччүлэри сэргэхситтэ. Өлөөн, Харыйалаах орто оскуолаларын үөрэнээччилэрэ, Өлөөн эдэр учууталлара көхтөөхтүк кыттыбыттарын сэргии көрдүбүт.
Бу акцияҕа барыта 41 тэрилтэ, дьиэ кэргэттэр, оскуола үөрэнээччилэрэ, оҕо саадын иитиллээччилэрэ, үлэ ветераннара, пенсиялаахтар, общественнай түмсүүлэр кытыннылар. Итинтэн да көстөр олохтоохтор биир түмсүүлээхтэрэ, сомоҕолоһуулаахтара.
Акция түмүктэниитигэр ааҕар-суоттуур хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Иванова Мария Христофоровна 486 440 солкуобай харчынан киирбитин туһунан иһитиннэрдэ, ону таһынан кэнсиэртэн киирбит харчы туттарылынна. Дьэлиҥдэ, Ээйик диаспоралара биир дойдулаахтарын оҕолоругар анаан көмө харчыларын хомуйан аҕалан туттардылар. Төһө да ыраах сырытталлар бэйэ-бэйэлэригэр хардарыта көмөлөсүһэр айыы санаалаахтарын көрдөрбүттэрэ киһини эрэ үөрдэр, инникигэ кынаттыыр, олоххо эрэллээх буолууну түстүүр.
Аһымал акцияҕа, ыҥырыыттан ылынан кыттыбыттарга бука барыларыгар тэрийэр хамыыһыйа аатыттан махтанабыт, үтүө санааҕыт үтүөнэн эргийдин, диэн алгыыбыт.
Акция салҕанан барар, ол курдук бу нэдиэлэҕэ Кирбэй нэһилиэгэр ыытарга бэлэмнэнэллэр. Атыы дьаарбаҥката тэриллиэҕэ. Олохтоохтор кэлэн кыттыахтара диэн эрэнэбит.
This post was published on 01.02.2016 14:59 14:59