22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өлөөннөр историяларын "Бичик" кинигэ кыһатын кытта үйэтитэллэр

15:49, 28 сентября 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өлөөн национальнай оройуон «Бичик» кинигэ кыһатын кытта ыкса сибээһи тутан бииргэ айымньылаахтык үлэлии-хамсыы олорор. 2007 сыл ахсынньы 4 күнүнээҕи 698№-дээх оройуон баһылыгын бирикээһинэн «Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон историятын библиотеката» серия олохтоммута.


Олохтоох суруйааччылар, суруналыыстар ааҕааччы киэҥ араҥатыгар анаммыт хаачыстыбалаах бэртээхэй кинигэлэри таһаартарар кыахтаахтар. Үбүлээһинин оройуон дьаһалтата уйунар. Билиҥҥи кэмҥэ аҕа баһылык А.С.Иванов өйөбүлүнэн, Л.В.Александрова салайааччылаах редакционай бөлөх салалтатынан бу үтүө үгэс салҕанар. Олохтоох ааптардар Н.А.Винокуров, М.А.Анисимова-Маарый Куо, Семен Гаврильев, В.А.Христофоров о.д.а. кинигэлэрэ бэчээттэнэн күн сирин көрбүттэрэ. Литература сылыгар сөп түбэһиннэрэн «Сардаҥа» хаһыат редакцията «Бичик» кинигэ кыһатынаан кинигэни пропагандалааһыҥҥа, тарҕатыыга үлэлэспиппит биир сыла буолан эрэр.

Мария Анисимова-Маарый Куо, Өлөөн оройуонун бочуоттаах олохтооҕо:

«Бичик» кинигэ кыһатыгар «Өлөөн эбэҥки национальнай оройуон историятын библиотеката» сериянан 6 кинигэм бэчээттэнэн таҕыста. Үксүтэ көс олохтоох эбэҥки норуотун үгэстэрэ, олоҕо-дьаһаҕа, сиэрэ-туома, духуобунай культурата сурулунна. Аан бастаан оройуоммут төрүттэммитэ 70 сылыгар анаан «Үрэн хоһуун араана» кинигэни оччотооҕу баһылык П.Р.Николаев, Александрова Л.В. бу тэрилтэлиин кэпсэтэн, дуогабардаһан «Бичиктэр» бэйэлэрин үптэригэр таһаарбыттара. Билигин оройуон культуратын сайдыытын туһунан «Развитие культуры Оленекского района от красного чума до Дворца культуры» диэн сэттис кинигэбин суруйан бүтэрдим. Бу национальнай кыһа айар да, техническэй да үлэһиттэрэ олус хаачыстыбалаахтык, тас хаҕа тупсаҕай гына кыһаллан уонна кылаабынайа түргэнник таһаараллар. Ааптары кытта быһаччы сибээстэрин туталлар, билсэ олороллор. Ол курдук мин ордук кылаабынай редакторы солбуйааччы Линда Николаевна Ивановалыын билсэбин, кэпсэтэбит, сүбэлэһэбит. Кинигэлэрбин чахчы ылан туһаныахтара диэбит дьоммор биэрэбин. Биир баҕарарым диэн аныгы оҕолор сахалыы аахпаттар, ол иһин бу историябытын кэпсиир кинигэлэри нууччалыы таһаарар ордук этэ. «Бичик» национальнай кыһата өссө да хоту дойдуга олорор аҕыйах ахсааннаах норуоттар историяларын кэпсиир олохтоох ааптардар кинигэлэрин бэчээттии туралларыгар баҕарабын.

Надежда Семенова, улуустааҕы библиотечнай ситим сэбиэдиссэйэ:

Биһиги улууспут аҕыйах киһилээх эрээри олус киэҥ сирдээх-уоттаах. Бу национальнай кинигэ кыһата биһиги хотугу оройуоммутугар улахан кылааты киллэрдэ, ол курдук библиотека сериятынан сүүрбэттэн тахса кинигэни бэчээттэтэн картотекабыт байан турар. Балары олохтоохтор ылан ааҕаллар, үлэлэригэр туһаналлар, ыччаттарбыт дойдуларын историятын бу кинигэлэртэн билэллэр, Өлөөннөрүгэр тапталынан угуттаналлар.

Наталья Бенчик, культуролог, модельер:

Мин бүтэһик сылларга «Бичик» кинигэ кыһатын үлэтин-хамнаһын сэргиибин. Саха сирин киин куоратыгар биир киэн туттар таһаарыылаах үлэлээх тэрилтэбит буолар. Түгэнинэн туһанан бэйэм баҕа санаабын тиэрдиэхпин баҕарабын. Сүүрбэ сыл анараа өттүгэр тэҥнээн көрдөххө, билигин «Бичик» үлэтэ сайдыбыт, саҥа олоҕу кытта тэҥнэ хаамсар. Боростуой нэһилиэнньэҕэ ийэлэргэ, кэрэ аҥардарга сөптөөх маннык сурунааллары таһаарарын тэҥэ «Мир Саха» диэн курдук улахан фундаментальнай үлэлэри таһаарар. Мин эбэм Христина Афананасьевна Бенчик «Дьылҕа ыйааҕынан» диэн кинигэтин таһаарбыттарыгар истиҥник махтанабын. Бэйэм баҕабынан этиэм этэ, биһиги хотугу оройуоҥҥа олорор буоламмыт кинигэ кэлиитэ, тарҕатыыта биллэр уустуктардаах, аны аҕаларгар ыйааһына сүрдээх улахан буолар. Онон, оройуоннааҕы «Сардаҥа» хаһыат атыылааһыҥҥа, тарҕатыыга ылсыбыта үчүгэй. Аҕыйах устууканан кэлэн сыаналаах да буоллаҕына, түргэнник атыыланан бүтэн хаалаллар. Инникитин боростуой остуоруйалартан, кэпсээннэртэн саҕалаан научнай таһымҥа тахсаллара буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Модельер буоларым быһыытынан таҥас, иис өттүгэр сүрдээҕин тардыстабын. Биһиэхэ хотугу оройуоҥҥа эбэҥкилии, долганныы иискэ-ууска, ойууга-оһуорга сөп түбэһэр стиллээх, ойуулаах-бичиктээх кинигэлэри таһаарыахтарын баҕарабын. Дьиэ ис интерьерыгар, дизайныгар да буоллун. Хотугу культура ураты, баһылыыр оруолу ылар, холобур, тас дойдуга таҕыстахха сувенирдар үксүлэрэ хотугулуу стиллээх, тиэмэлээх буолаллар. Онон бу тиэмэҕэ эмиэ ылсан үлэлэһэллэригэр баҕарыам этэ.

Владислав Семенов, оройуон спортка сүрүн специалииһэ:

— Ордук оҕолорбор дьэрэкээн ойуулаах тупсаҕай кинигэлэри атыылаһааччыбын. Эдэр ыччаттарга билигин дьиэ тутуутугар хаартыскалардаах, бултааһыҥҥа, спортка аналлаах кинигэлэр тахсалларын күүтэбин. Аҕыйах ахсааннаах норуоттар үгэс буолбут спортивнай оонньууларын барыларын бииргэ хомуйан оҥороллоро буоллар. Холобур, Муома, Абый, Аллайыаха олохтоохторун былыргы оонньууларын билбэппит дии. Биһиэхэ эбэҥки футбола диэн национальнай көрүҥ баар. 

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА