Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны тутууга олохтоохтор үлэлиэхтэрэ

Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны тутуу иккис түһүмэҕэр үлэһит ахсаана 1200 киһиэхэ тиийиэ. Итинтэн 70% олохтоох каадырдар буолуохтара. Бу туһунан бастакы вице-премьер э.т. Дмитрий Бердников «Саха» НКИХ ханаалыгар быһа тахсыытын кэмигэр эттэ.


Дмитрий Бердников  муостаны тутуу бастакы түһүмэҕэр 500 киһи наадатын, иккискэ ити сыыппара 1200-кэ тиийиэн эттэ. «Муостаны тутар тэрилтэлэри кытары сөбүлэҥ быһыытынан олохтоох дьон үлэнэн хааччыллыа. Ити тутар бэдээрээтчиттэргэ даҕаны табыгастаах буолуо», — диэтэ Бердников.

Билигин наадалаах исписэлиистэр испииһэктэрэ оҥоһулла сылдьар. Ити хайысхаҕа үлэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан саҕаламмыт. «Улахан тутууга идэлээх дьон ирдэнэр», — диэтэ Дмитрий Бердников. Итинэн сибээстээн кылгас кэмнээх куурустары тэрийии толкуйданар.

This post was published on 11.02.2021 15:03 15:03