Хатас — Павловскай хайысхатынан Өлүөнэ эбэни туоруур муус суолу оҥорууга, уу тааҥнаан, харгыстары таһаарда. Бу суол арыллыытын болдьоҕор сабыдыаллыан сөп.
Ол туһунан тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. «Ахсынньы 10 күнүгэр бу хайысханан 3 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналарга суолу арыйыы болдьоҕо уларыйыан сөп», — биэдэмистибэҕэ эттилэр.
Бэдэрээччит быһаарбытынан, өрүс уҥа биэрэгэр уу тахсан, суолу оҥорор улахан уйуктаах техникаларга харгыстар таҕыстылар. Кинилэр 6 килэмиэтирдээх Үөс-Кумахха үлэлиэхтээхтэрэ.
Билигин суолу оҥорууга, бөҕөргөтүүгэ, ууну ыытыыга эбии миэрэлэр ылыллаллар.