Өлүөнэ өрүһү салгын сыттыктаах суудуналарынан туоратыы саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн Өлүөнэ өрүһү салгын сыттыктаах суудуналарынан туоратыы саҕаланна. Бу туһунан тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр. «Дьокуускай – Аллараа Бэстээх» хайысханан паром сырыыта түмүктэнэ илик.


Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, «Дьокуускай – Аллараа Бэстээх», «Кангаласс-Суотту» хайысхаларынан паром сырыыта халлаан туругуттан көрөн тохтуо диэн, биэдэмистибэҕэ иһитиннэрдилэр.

Эрдэ өрөспүүбүлүкэ киин өрүстэригэр паром сырыыта алтынньы 22 күнүгэр диэри тохтуон биллэрбиттэрэ. Билиҥҥитэ Хаҥалас улууһун баһылыгын дьаһалынан улууска паромунан сырыы алтынньы 19 күнүттэн тохтотуллубут.

Тырааныспар министиэристибэтэ «Дьокуускай – Аллараа Бэстээх» хайысхатыгар паромнар мууһу алдьатар буксиры кытары сылдьыахтарын иһитиннэрэр. Паромҥа тарыыптар сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтин бирикээһинэн бигэргэммиттэр.

This post was published on 20.10.2020 16:01 16:01