Өлүөнэ өрүс мууһа суукка устатыгар 34 км. хамсаата

Россия ЫБММ Саха сиринээҕи управлениетыттан иһитиннэрбиттэринэн, Өлүөнэ өрүс мууһун алын бүүрүгэ Ленскэй оройуонугар Крестовкай гидропуост таһыгар кэлбит. Өрүс уутун таһыма 697 см, оттон 1167 см үрдээтэҕинэ, тыҥааһыннаах быһыы-майгы үөскүөн сөп. Муус хойуутук устар.


Муус үөһээҥҥи кырыыта — Витим таһыгар. Уу таһыма 211 см. Манна 957 см.буоллаҕына, ыксаллаах быһыы-майгы буолуон сөп.

Нүүйэҕэ муус алын кырыыта Ленскэй Орто Наахаратын аттыгар баар, оттон үөһээҥҥи — Комака гидропуост таһыгар.

Амма үөһээҥҥи бүүрүгэ Таатта улууһун Харбалааҕар баар, уу таһыма 672 см.

Алдан өрүс мууһун алын кырыыта Уус Маайа Эльдикан бөһүөлэгиттэн 15 км аллараа баар. Оттон үөһээҥҥи – Угино бөһүөлэк аттыгар.

Өлүөнэ өрүскэ, Алдаҥҥа, Бүлүүгэ, Дьааҥыга муус алдьанна. Халымаҕа, Индигииргэ муус турар.

This post was published on 10.05.2016 10:34 10:34