Өлүөнэ өрүс мууһа барда: Суукка устата муус хамсаабата

Ыам ыйын 9-12 күннэригэр Ленскэй оройуонугар Өлүөнэ өрүс мууһа барыан сөбүн туһунан РФ ЫБММ Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрэр. Суукка устатыгар муус хамсаабата.


Ыам ыйын 6 күнүнээҕи, сарсыарда 9 чаастааҕы туругунан өрүс мууһун кирбиитэ өрөспүүбүлүкэни кытта кыраныыссаттан 582 км тэйиччи баар.

Аммаҕа муус алын бүүрүгэ Таатта улууһун Даайа Амматын эргин баар. Уу таһыма 450 см. Манны тыҥааһыннаах быһыы-майгы 1200 см үөскүөн сөп.

Муус үөһээҥҥи кырыыта — Амма Өннүөһүгэр.

Өлүөнэ, Алдан, Бүлүү өрүстэргэ муус алдьанан эрэр. Дьааҥыга, Халымаҕа, Индигииргэ муус турар.

This post was published on 06.05.2016 13:24 13:24