Өлүөнэ өрүс мууһа ааспыт сууккаҕа 117 километры сыҕарыйда. Ленскэй оройуонун муус хамсааһына актыыбынай фазата буолан ааста. Бу туһунан ЫБММ пресс-сулууспата кэпсиир.
«Өлүөхүмэ оройуонун Мача сэлиэнньэтиттэн 40 км Аллараа, оттон үөһээ өттө – Ленскэй оройуонун Мурье сэлиэнньэтин таһыгар. Критическэй таһымҥа тиийэ илик. Муус уһуна 216 килэмиэтир. Сууккаҕа 117 килэмиэтири сыҕарыйда», — диэн иһитиннэрэллэр. ЯУГМС сылыгынан, өрүс Өлүөхүмэ Хатыҥ, Тумул учаастактарыгар ыам ыйын 6-8 күннэригэр, ол эбэтэр 8-11 хонук нуорматтан эрдэ арыллара күүтүллэр.
Өлүөхүмэ өрүс мууһун аллараа кирбиитэ Троицкай сэлиэнньэ, үөһээ кирбиитэ Дьикимдэ гидропоһугар баар. Амма өрүс үөһээ уонна аллараа кирбиитэ Алдан оройуонун Буйаҕа гидропоһугар тиийбит. Муус устата 40 килэмиэтир. Суукаҕа 20 килэмиэтир сыҕарыйбыт. Алдан өрүс аллараа уонна үөһээ кирбиитэ Алдан оройуонун Суон Тиит гидропоһугар баар. Муус устата 60 килэмиэтир. Уус Майа уонна Томпо оройуонугар уу таһыма үрдүүр.
Ыам ыйын 5 күнүгэр Бүлүү өрүс Сунтаарга аһыллыбыта, уу таһыма 676 сантиметрга тэҥнэһэр, критическэйэ — 1330 сантиметр. Хойуу муус көстөр. Барыллааһын быһыытынан Үөһээ Бүлүү — Бүлүү учаастагар ыам ыйын 8-9 күннэригэр күүтүллэр. «Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Уус- Майа, Томпо, уонна Амма оройуоннарыгар суһал бөлөхтөр үлэлииллэр, суруйар НВК «Саха».
This post was published on 06.05.2020 17:04 17:04