«Өлүөнэ остуолбалара» паарка кыһыҥҥы сезонун үөрүүлээхтик арыйыыга олунньу 1 күнүгэр ыҥырар. Билигин пааркаҕа көҥүлэ суох сылдьыы бобуулаах.
Олунньу 1 күнүгэр «Өлүөнэ остуолбалара» паарка үлэтин саҕалыыр. Үөрүүлээх арыллыы күнүгэр ыалдьыттары бырааһынньыктааҕы бырагыраама күүтэр. Үлэһиттэр босхо экскурсиялары оҥоруохтара, бириистээх оонньуулар ыытыллыахтара. Оҕолорго муус куорат арыллыа.
Санатар эбит буоллахха, билигин пааркаҕа көҥүлэ суох сылдьыы бобуулаах. СИА-ҕа иһитиннэрбиттэринэн, «Өлүөнэ остуолбаларын» көрүүгэ көҥүлү Дьокуускай куорат, Крупская уулусса 13 дьиэтиттэн ылыахха сөп. Сиһилии https://ysia.ru/park-lenskie-stolby-otkryvaet-zimnij-sezon-1-fevralya/ ааҕыҥ.