«Өлүөнэ остуолбалара» нацпаарка видеоустуутун бэчээттэттэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

«Өлүөнэ остуолбалара» национальнай паарка видеоустуулар кадрдарын сериятын бэчээттэттэ.

Старшай судаарыстыбаннай иниспиэктэр Василий Петров дьиҥнээх кэрэ баай көстүүнү хаартыскаҕа уонна видеоустууга тутта «Паарка сирэ-уота дьиҥнээх олоҕунан оргуйар, биһиги бу дьикти олохтоохтору эһиэхэ көрдөрөргө бэлэммит», — диэн нацпаарка бэлиэтээтэ.

Объективтарга хаар маҥан куобах, сэрэхтээх кабарга, сытыы киис, кыһыл саһыл, сүдү изюбрдар бүтүн дьиэ кэргэннэрэ уонна кэрэхсэбиллээх косулялар киирдилэр.

This post was published on 27.11.2025 10:03 10:03