"Өлүөнэ очуостара" паарка статуһун үрдэтиигэ сөбүлэһээччилэр уонна утарсааччылар көрсөн кэпсэттилэр

«САНАА» ыччат кулууба «Өлүөнэ очуостара» пааркаҕа федеральнайдааҕы статуһу биэриигэ сөбүлэһээччилэри уонна утарсааччылары ыҥыран утарыта көрсүһүннэрдэ. 


Көрсүһүү сэһэргэһии киэбинэн ыытылынна. Эдэр лидердэр уонна «Өлүөнэ очуостара» пааркаҕа федеральнайдааҕы статуһу биэрии боппуруостарынан интэриэһиргиир уопсастыбанньыктар тус көрүүлэрэ истилиннэ. Кинилэри сэргэ экологияҕа уонна айылҕа харыстабылыгар эппиэттэһэр экспердэр этиннилэр.

«Өлүөнэ очуостара — бу ЮНЕСКО бүтүн аан дойдутааҕы нэһилиэстибэтин объега эрэ буолбатах, бу саха норуотун киэн туттуута. Ол иһин боломуочуйаны биэрии боппуруостарыгар биһиги олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһабыт«, — диэтэ тэрээһин ыытааччыта, Саха сирин ыччат дьыалатыгар миниистири бастакы солбуйааччы Василина Лукина.

Айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев бастаан «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка тэриллиитин хронологиятын санатта.

«Үлэ өссө 2010 сыллаахха саҕаламмыта. Ити кэмҥэ Россия бырабыыталыстыбата РФ социальнай-экономическай сайдыытын Стратегиятын уонна Экология доктринатын оҥоро сылдьара. Бу икки докумуон 2020 сылга диэри ураты харыстанар айылҕа территорияларын сайдыытын Концепциятын ылыныыга төрүт буолбуттара. Дойду салалтата бүтүн аан дойдутааҕы нэһилиэстибэтэ харысхаллаах, көмүскэллээх буоларыгар Россия туох кылааты киллэриэхтээҕин, үүнэр көлүөнэҕэ айылҕа баайын чөл хаалларыыга туох үлэни ыытар наадатын толкуйдаабыта. Бу концепция национальнай пааркалар ситимнэрин тэрийиигэ судаарыстыбаннай экологическай бэлиитикэ төрүтүн ырылхайдык көрдөрбүтэ«, — диэн эттэ миниистир.

Экология, туризм уонна агротехнологическай үөрэхтээһин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин дириэктэрэ Гаврил Семенов сокуон чэрчитинэн үлэни ыытар сөптөөҕүн уонна нэһилиэнньэ ортотугар сырдатар-иһитиннэрэр, быһаарар үлэ барыахтааҕын эттэ: «Мин санаабар, «федерализациялааһын» боппуруоһа хара бастакыттан сыыһа туруоруллубут, бэлиитикэҕэ кубулутуллубут. Билигин, быһаарсар буоллахха, «айылҕа паарката» категорияттан «национальнай паарка» таһымыгар үрдэтии барар, онно эбии үп көрдөөһүнэ ыытыллар, бу — «федерализация» буолбатах. Мин экология эйгэтигэр туруулаһар, нэһилиэнньэ интэриэһин туруорсар уонна айылҕа харыстабылын сокуонун тутуһар дьиҥнээх уопсастыбанньыктары убаастыыбын».

Норуот депутата Иван Шамаев уонна кинини өйөөччүлэр эмиэ бэйэ-бэйэҕэ убаастабыллаахтык сыһыаннастахха эрэ сөптөөх кэпсэтиилэр буолалларыгар этиннилэр: «Өрөспүүбүлүкэ «Өлүөнэ очуостара» курдук объектарынан бэйэтэ салайына үөрэниэхтээх кэмэ кэллэ. Дойдуга кириисис. Онон федеральнай киин айылҕа харыстабылын бырайыактарыгар харчы биэрэригэр саарбахтыыбын. Биһиги  «федерализациялааһын» инникитин өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар соччото суохтук дьайыа диэн куттанабыт«.

Сөбүлэһээччилэр уонна утарсааччылар бэйэлэрин «сөп уонна утарабын» диэн санааларын этиннилэр. Ити эрээри, кэпсэтии сүрүн соруга — бу боппуруоска өссө бэйэлэрин көрүүлэрин сааһылана илик дьон тус санаалара чуолкайданыыта буолар. Ыччат миниистирэ Афанасий Владимиров этэринэн, эдэр көлүөнэ барытын ыараҥнатан көрөн толкуйдуурга үөрэниэхтээх.

Кэпсэтии кыттыылааҕа, «Мин — инженербин» уопсастыбаннай тэрилтэ чилиэнэ Аркадий Турантаев: «Мин Красноярскайга үөрэммитим. Онно баар «Остуолба» сударыстыбаннай айылҕа заповеднигын туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Сылга объекка 300 тыһыынчаттан тахса турист кэлэр. Устудьуоннуу сылдьан мин бэйэм ити кэрэ айылҕалаах дьикти дойдуга хаста да сылдьыбытым. Заповедник федеральнайдааҕы таһымнаах. Кэнники кэмҥэ туристическай инфраструктурата лаппа сайынна. Мин бу күҥҥэ диэри «Өлүөнэ очуостара» паарка тула чуолкай быһаарыныым суоҕа. Этиилэри истэн баран, мин Красноярскай кыраай олохтоохторун холобурдарын батыһыам диэн сананным. Кинилэр ааспыт үйэ 20-с сылларыгар заповеднигы федеральнай таһымныыргы көҕүлээбиттэрэ».

This post was published on 21.09.2017 17:28 17:28